Салгыы
Михаил Мишустин Уһук Илиҥҥи уокурук тэтимнээхтик сайдарын бэлиэтиир

Михаил Мишустин Уһук Илиҥҥи уокурук тэтимнээхтик сайдарын бэлиэтиир

04.04.2024, 10:26
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

“Кэлиҥҥи кэмҥэ судаарыстыбаннай өйөбүлү туһанан Уһук Илиҥҥи уокурукка 3 тыһ. кэриҥэ инвестиционнай бырайыагы олоххо киллэрии үлэтэ саҕаланна. Итинтэн түөрт гыммыт биирин кэриҥэ номнуо бүттэ”, – диэн РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Судаарыстыбаннай Дуумаҕа отчуотугар эттэ.  

Уһук Илиҥҥи субъектар экэниэмикэлэригэр уонна социальнай эйгэлэригэр ааспыт сылга 3 трлн. солк. тахса үбү укпуттар. “Манна чааһынай үбү сыһыарыыга араас ньымалар туһаныллаллар”, – диэн бэрэссэдээтэл бэлиэтиир. Үтүө хамсааһыны макроэрэгийиэн сиригэр туһаныллар мэхэньиисимнэр көрдөрбүттэр. Олор кэккэлэригэр “Уһук Илиҥҥи концессия”, “Биир кэлим  бэрэсидьиэн субсидията”, “Уһук Илиҥҥи гектар” курдуктары чорботон бэлиэтиэххэ сөп. Түөрт сыл иһигэр, уопсайа, тыһыынча кэриҥэ социальнай инфраструктура эбийиэгин тэрийбиттэр. Ол курдук, Уһук Илиҥҥи сөбүлэҥҥэ илии баттаһыынан (концессия) 9 эрэгийиэҥҥэ барыта 96 млрд. солк. тахса суумалаах 29 социальнай суолталаах бырайыак олоххо киирэр.

Өссө биир кэрэхсэбиллээх ньыманан “Уһук Илиҥҥи кыбаарталы” ыйаллар. Бу аныгы ыстандаарты уонна дьон ирдэбилин учуоттаан тутарга көмөлөһүөҕэ диэн кини бэлиэтиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: