Михаил Мишустин: Уһук Илини сайыннарыыга Бырабыыталыстыба көҕүлээһиннэрэ үчүгэй түмүктэри көрдөрдө

Share

РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин бүгүн, муус устар 3 күнүгэр, Госдумаҕа дойду Бырабыыталыстыбата 2023 сылга ыыппыт үлэтин уонна сүрүн хайысхаларынан ылыныллыбыт дьаһалларын тустарынан кэпсээтэ. Сүрүннээн Уһук Илин уокуругу сайыннарыыга дойду Бырабыыталыстыбатын көҕүлээһиннэрэ үчүгэй түмүктэри көрдөрбүтүн бэлиэтээтэ.

Уһук Илин уокурукка судаарыстыба көмөтүнэн 3 тыһ. кэриҥэ инвестиция бырайыактара үлэҕэ киирбиттэр. 2023 сылга экэниэмикэҕэ уонна социальнай эйгэҕэ 3 трлн солк. тахса  үп-харчы угуллубут. Манна инвестициялары тардарга преференциальнай эрэһиимнэр үлэлииллэр — урутаан территориялары сайыннарыы уонна Владивосток көҥүл пуорда. Үс сыл анараа өттүгэр маннык эрэһиими Курильскай арыыларга үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Билигин онно бырайыактарын 24 резиденнэр 5 млрд солк. кэриҥэ уопсай суумалаах кээмэйдээх инвестицияны тардан олоххо киллэрэллэр. 400-тэн тахса үлэ миэстэтэ таҕыста.

Уһук Илин уокурукка атын мэхэньииһимнэр эмиэ ситиһиилээхтик үлэлииллэр:

  • Уһук Илиҥҥи концессия,
  • Биир кэлим Бэрэсидьиэн субсидията,
  • «Уһук Илиҥҥи гектар».

Бу мэхэньииһимнэр көмөлөрүнэн түөрт сыл иһигэр тыһыынча кэриҥэ инфраструктура эбийиэктэрэ тутулуннулар, оттон сир учаастактара 120 тыһ. тахса киһиэхэ түҥэтилиннэ. Уһук Илин эрэгийиэннэрин кэлимник тутууга «Уһук Илиҥҥи кыбартаал» бырагыраама көмөлөһөр. Биир кэлим Уһук Илиҥҥи авиахампаанньата эрэгийэннэр тырааныспардарын сибээһин хаачыстыбатын үрдэттэ. Үс сыл иһигэр чэпчэтиилээх тарыыптарынан 800 тыһ. тахса киһи туһанна.

Оттон «Тупсаҕай куорат эйгэтин оҥоруу» Бүтүн Арассыыйатааҕы бырагыраама куонкуруһун бырайыактарынан  кыра нэһилиэнньэлээх пууннары уонна историческай суолталаах бөһүөлэктэри тупсарыыга 700-кэ бырайыак олоххо киирдэ. Былырыын Бэрэсидьиэн сорудаҕынан Уһук Илиҥҥи куораттарыгар анаан икки анал күрэхтэһии ыытыллыбыта. Граннарга 82 кыайыылаахтарга уопсайа 8 млрд солк. тахса үп-харчы ыытыллыбыта этилиннэ.

Ону кытта Хотугу Кавказ, Уһук Илин, Арктика, Крым уонна Севастополь, Калининград уобаластарыгар бэйэ оҥорон таһаарыыны улаатыннарыы ирдэниллэр, инфраструктурнай хааччахтары суох оҥорууга уонна инвестиционнай кыахтары улаатыннарыыга күүскэ үлэлиэхтэрин наада диэн Михаил Мишустин эттэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

30 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

3 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев гаас-мотуор уматыга тиийбэт балаһыанньата хатыламматыгар сорудахтаата

"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…

3 часа ago