Михаил Мишустин уонна РФ Бырабыыталыстыбата Саха сирин өйүүллэр
РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Владимирович Мишустин бэйэтин отчуотугар киэҥ хабааннаах боппуруостары таарыйда, ол иһигэр Уһук Илиҥҥэ уонна Арктика түөлбэтигэр сыһыаннааҕы. “Арассыыйа күүһэ – кини эрэгиийэннэригэр”, — диэн бэлиэтээтэ кини.
«Көҕүлээһиннэр көмөлөрүнэн эрэгийиэннэр тыын боппуруостарын быһаарыыга эбии үбү-харчыны ылаллар. Чуолаан, Саха сиригэр онкокиин тутуута түмүктэниитигэр, доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн саҥардан оҥорууга, оройуоннарга суолу-ииһи, оскуолалалары тутууга уонна саҥардан оҥорууга эбии үп-харчы көрүллүбүтэ. Өрөспүүбүлүкэ бу уонна атын хайысхаларын былырыын Дьокуускайга сырыытын кэмигэр Михаил Владимировиһы кытта дьүүллэспиппит.
Михаил Владимирович тыл этиитигэр Дьокуускайга сүрэх-тымыр киинин тутууну бэлиэтээтэ. Кини маннык эбийиэктэр дьон аныгы өҥөлөрүнэн толору кээмэйинэн туһаналларын туһугар тутуллалларын бэлиэтээтэ.
Михаил Владимировичка уонна дойду Бырабыыталыстыбатыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр оҥорор көмөлөрүн уонна өйөбүллэрин иһин махтанабын!» — диэн Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: