Михаил Присяжнай: «Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро бастакы кылааска, орто анал, үрдүк үөрэхтэргэ киирэргэ ураты балаһыанньанан туһаналлар»

Share

Бу туһунан атырдьах ыйын 19 күнүнээҕи брифиҥҥэ үөрэҕирии уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай эттэ.

“Сайыҥҥы үлэ биир сүрүн хайысхатынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолорун бастакы кылааска ылыы буолар. Үөрэхтээһин управлениета байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин оҕолорун кытта биирдиилээн үлэлэһэллэр”, – диэтэ бастакы солбуйааччы.

Билигин орто анал, үрдүк үөрэхтэргэ ылыы бара турар. Михаил Присяжнай санаппытынан, үрдүк үөрэх кыһаларыгар  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр оҕолоругар туспа миэстэ көрүллүбүт – хас биирдии идэ эбэтэр бэлэмниир хайысха төлөбүрэ суох миэстэтин уопсай ахсааныттан 10-ча бырыһыан.

Михаил Присяжнай, Үөрэхтээһин уонна билим министиэристибэтэ “Аҕа дойду көмүскээччилэрэ” Судаарыстыбаннай пуонда филиалын кытта ыкса үлэлэһэллэрин эттэ. “Госпуонда филиалыгар министиэристибэ икки исписэлииһэ үлэлиир”, – диэтэ кини, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

4 часа ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

4 часа ago