Салгыы
Михаил Присяжнай: «Устудьуоннар күннэринэн устудьуоннарга көрүллэр өйөбүл миэрэлэр суолталаахтар»

Михаил Присяжнай: «Устудьуоннар күннэринэн устудьуоннарга көрүллэр өйөбүл миэрэлэр суолталаахтар»

18.01.2024, 17:22
Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэри олоххо киллэрии былааннаах үлэтин салҕыыр. Бу туһунан министиэристибэтэ пресс-сулууспата суруйар.

Үөрэх уонна билим министиэристибэтинэн барыта 11 өйөбүл миэрэ көрүллэр. Бүгүн дьыл кэмиттэн көрдөххө тохсунньу 25 күнүгэр бэлиэтэнэр Устудьуоннар күннэрин иннинэ устудьуоннарга өйөбүл ордук суолталаах. Бу туһунан миниистири бастакы солбуйааччы Михаил Юрьевич Присяжнай нэдиэлэтээҕи брифинг кэмигэр кэпсээтэ.

“Өрөспүүбүлүкэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар 5888 солк. кээмэйдээх истипиэндьийэ көрүллүүтүн салҕыыр. Манна  өрөспүүбүлүкэ идэҕэ үөрэтэр тэрилтэрэлин уонна биһиги оҕолорбут үөрэнэр университеттарын, академияларын бары устудьуоннара киирсэллэр. Тустаах миэрэ устудьуон үөрэнэрин тухары көрүллэр. Маны тэҥэ, үчүгэй үөрэҕин иһин эбии истипиэндьийэ ылыан сөбүн бэлиэтээн этэбин”, — диэн иһитиннэрдэ.

Салгыы Михаил Юрьевич устудьуоннар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн үбүн суотугар үрдүк уонна орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэниигэ тус сыаллаах үөрэх (целевое обучение) сөбүлэҥин түһэрсэр кыахтаахтарын бэлиэтээтэ. Бүгүҥҥү туругунан 32 устудьуон сөбүлэҥ түһэрсэн олорор. “Ону тэҥэ, тус сыаллаах үөрэххэ сөбүлэҥ түһэрсэр кыах баар. Манна анал истипиэндьийэни сэргэ өссө тус сыаллаах устудьуон (целевик) буоларын быһыытынан эбии истипиэндьийэ төлөнөр уонна үлэҕэ киирэллэрэ хааччыллар”, — диэн миниистири бастакы солбуйааччы эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 апреля
  • 1°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 47% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: