Михаил Сергеев: «Дьиҥнээх дьыаланан көмөлөһүү холобурун көрдөрдүбүт”

Share

Саха сирин ыччата байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт биир дойдулаахтарын  дьиэ кэргэттэригэр, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит ДНӨ уонна ЛНӨ  олохтоохторугар көхтөөхтүк көмөлөһөр.

Волонтер-эдэр гвардеецтар саҥа эрэгийиэннэргэ эмиэ хаста да сылдьан, туох кыалларынан олохтоохторго көмөлөспүттэрэ. Мариуполь куоракка сыаллаах-соруктаах – Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэрин олохтоохторугар көмөлөһө барбыттара.

«Эдэр гвардеецтар чуолаан улахан болҕомтону  бэтэрээннэр, кырдьаҕастар, элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэлэрин алдьаммыт түннүктэрин оҥорорго уурбуттара. Куорат иһигэр аһылык бородууктатын, олоххо-дьаһахха туттуллар наадалаах табаардары илдьэргэ-аҕаларга көмөлөспүттэрэ. Мин санаабар, биһиги Уһук Илин ыччата бэйэтин дьонун алдьархайга хаалларбатын уонна ыраахтан эрэ буолбакка, дьиҥнээх дьыаланан көмөлөһөр холобурун көрдөрдүбүт”, — диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» Эдэр Гвардиятын актыбыыһа,  Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ   гуманитарнай сыаллаах-соруктаах сылдьыбыт Михаил Сергеев кэпсээтэ.

Баҕа өттүнэн көмөлөһөөччү Михаил Сергеев кутталлаах кэмнэри эмиэ ахтан ааһар. Ол эрэн, ыарахаттары туоруурга Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһуута хаһааҥҥытааҕар да наадатыгар эрэллээх.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

10 часов ago