Мииринэй аэропордун тутуу 2024 сылга түмүктэниэҕэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 3 күнүгэр Мииринэй куоракка аэропорт саҥа комплексын тутуу хаамыытын боппуруоһугар Мииринэй оройуонугар мунньаҕы ыытта.

Эбийиэк уопсай бэлэмэ – 60%. Билигин көтөр-түһэр балаһаҕа цемент-бетон сабыытын оҥоруу, перрону, уу барар систиэмэтин, кабеллар ситимнэрин, канализацияны  тупсарыы уо.д.а. үлэлэр  ситэриллэллэр. Үлэ барыта былаан быһыытынан ыытыллар. Тутууга 49 киһи уонна 11 тиэхиньикэ үлэлиир.

Айсен Николаев бэдэрээччиттэргэ уонна  үлэни сүрүннүүр тэрилтэлэргэ саҥа тутууну 2024 сылга бигэргэммит болдьоҕор түмүктүүр соругу туруорда.

«Мииринэй куоракка аэропорду тутуу боппуруоһа  Саха сирин тырааныспарын бары тиһигэр улахан суолталаах. Саҥардыы үлэтэ ыытыллар атын аэропортартан уратыта диэн, Мииринэйгэ аэропорт уонна  көтөр-түһэр балаһа олох  саҥаттан кэриэтэ оҥоһуллар. Бу – судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин дьоһуннаах бырайыага, үбүлээһин сорҕотун федеральнай бүддьүөт уонна  “АЛРОСА”  хампаанньа үбүлүүллэр.

Биһиги билигин Мииринэй оройуонугар уонна Саха сиригэр барытыгар улахан суолталаах эбийиэк тутулларыгар генеральнай бэдэрээччити, сакаасчыттары, Арассыыйа Тырааныспарка министиэристибэтин  кытары  ыкса  үлэлиибит. Бу соругу толорорбутугар эрэллээхпин», — диэтэ эрэгийиэн салайааччыта.

Аэропорт комплексын тутуу “Арассыыйа тырааныспарын систиэмэтин сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар. Тутуу үлэтигэр барытыгар 20 миллиард солкуобай көрүллүбүтүттэн 11 миллиардын АЛРОСА инвестициялыыр. Сорох үп-харчы федеральнай бүддьүөккэ уонна салгын хамсааһынын тэрийэр судаарыстыбаннай корпорация бүддьүөтүгэр көрүллэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан  

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

14 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын үлэтин сыаналаата

Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр отчуокка үгүс киһи санаатын үллэһиннэ

Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыайыы знамята» Алдан улууһугар тиийдэ

Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…

2 часа ago