Мииринэйгэ 18 тыһ. тахса бытыылка арыгы былдьанна

Share

Саха сиригэр полицейскайдар сокуоннайа суох эргиниигэ анаммыт  18 тыһ. тахса бытыылка маркировката суох арыгыны буллулар.

Бу туһунан Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. ИДьМ отделын үлэһиттэрэ Мииринэй оройуонугар сокуоннайа суох арыгыны эргиниигэ 55 саастаах олохтоох урбаанньыт кыттыгастааҕын туһунан иһитиннэриини ылбыттар. Полициялар  Мииринэйгэ  атыы-эргиэн киинин территориятыгар ыскылааты бэрэбиэркэлээбиттэр. Онтон 900-тэн тахса дьааһыкка 18 тыһыынчаттан тахса маркировката суох буокка үс көрүҥэ хараллыбытын былдьаабыттар.

Былдьаммыт арыгы уопсай кээмэйэ 9 тыһыынчаттан тахса лиитэрэ кэриҥэ буолар, оттон сыанатынан 5,4 мөлүйүөн солк. Полиция чахчыларынан, сымыйа арыгы салгыы эргиниигэ анаммыта быһаарылынна. Былдьаммыт табаардары чинчийиигэ ыыттылар. Холууобунай дьыала тэрилиннэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ туттуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

15 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынны 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара күүтүллэр.…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

15 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

46 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Бүлүүгэ дьахтар 32 киилэлээх гиирэни уонна аккумуляторы уорбут

Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

2 часа ago