Миитиҥҥэ кыттыы иһин сааны былдьыахтара
Тохсунньу 25 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы суукка административнай эппиэтинэскэ тардыллыы туһунан РФ административнай быраабы кэһии кодексатын 20.2 ыст. «Олохтоммут бэрээдэги кэһэн мунньаҕы, миитини, пикети тэрийии» иһин уопсайа 26 дьыала көрүллүбүт диэн yakutia-daily.ru саайт суруйар.
Ол курдук, суут уурааҕынан Арассыыйа Федерациятын административнай быраабы кэһии кодексатын 20.2 ыст. сэрэтиитэ суох тэрээһини тэрийээһин иһин үс киһи эппиэтинэскэ тардылынна. Кинилэр биэс-алта сууккаҕа диэри хаайыллалллар, ону сэргэ тутуллубут 23 киһиэхэ миитиҥҥэ бэрээдэги кэһии иһин 10 тыһ.солк. сууммалаах ыстараап олохтоотулар.
Бэлиэтээн суруйдахха, «Об оружии» диэн Федеральнай сокуоҥҥа киирбит уларыйыыларынан, административнай эппиэтинэскэ сылга иккитэ тардылыннахтарына эбэтэр сууттаннахтарына, сааларын икки сылга былдьатыахтарын сөп.
Росгвардия Управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, быраабы кэһии иһин сааны былдьатыахха сөп. Быраабы кэһии хайаан да сааны кытта ситимнээх да буолбатаҕына, саа туһунан сокуоҥҥа сурулларынан, сааны былдьатар төрүөт олус элбэх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: