“Мин кыраайым – мин киэн туттуум” кэнсиэр ытыс тыаһынан доҕуһуолланна
Ыам ыйын 12 күнүгэр “Мин кыраайым – мин киэн туттуум” төрөөбүт дойду күндүтүн уонна кэрэтин, төрөөбүт түөлбэҕэ тапталы билинэн уонна анаан Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын солистарын кэнсиэрэ өрө көтөҕүүлээхтик, чаҕылхайдык, саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ытыс тыаһын доҕуһуолунан уйдаран буолан ааста. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан дэгиттэр талааннаах артыыстар Александр Карманов уонна Василена Шарина-Улан ыыттылар. Кинилэр кэнсиэри “Мин Саха сирим” диэн саха бэйиэттэрин хоһооннорунан сэргэхтик саҕалааннар, ис киирбэхтик ыытаннар көрөөччүлэр болҕомтолорун тартылар.
2004 с. бастакы уус-уран салайааччыбыт Геннадий Баишев үҥкүүнэн дьуһүйэн сүрүн дирижер Николай Петров муусукатыгар “Бэрт Хара” трилогия олоҥхо маҥнайгы чааһын “Айыы аймаҕа” испэктээги туруорбута. 20 сыл устата хас эмэ көлүөнэ артыыстар бу испэктээккэ кытыннылар. Бу кэнсиэркэ таптаһар дьоруойдары Айталы Куону Сарика Шин — I толоруута, Бэргэн бухатыыры Семён Кузьмин иэйэн туран толордулар.
Баянист-виртуоз Владимир Боярскай тыйаатырга муусукаанынан үлэлиэҕиттэн уопсайа 11 сольнай кэнсиэри көрөөччүлэригэр бэлэх уунна. Билигин кини ааттаах-суоллаах артыыс уонна өссө уһуйааччы. Бу киэһэ кини нуучча биллиилээх хапмаһыытара Георгий Шендерёв “Русский танец” айымньыны ытыс тыаһын доҕуһуолунан баяныгар кэрэхсэбиллээхтик оонньоото.
Хомуска оонньуу үрдүкү чыпчаала – сыыйа тардыы. Бу ньыманы баһылаабыт Василена Шарина-Улан дьүрүскэннээх хомуһун дорҕоонунан көрөөччүлэри турукка киллэрдэ, сааһылаата, арчылаата, алҕаата.
2013 с. уус-уран салайааччы Светлана Бессонова VII Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия-Тихий океан” регионун сольнай национальнай үҥкүү күрэҕэр анаан “Дэйбиирдээх үҥкүү” туруорбута. Бу үҥкүүнү эмиэ хас да солисткалар үрдүк таһымнаахтык соҕуруунан-хотунан үҥкүүлээн кэллилэр. Кэнсиэркэ эдэркээн солистка Светлана Чирикова өрө көрөн, тэйэн-тэбэн, чэпчэкитик үҥкүүлээтэ. Көрөөччүлэр махтанан тохтообокко таһыннылар.
Саха аркыастыра мелодист Валерий Ноев айымньыларын элбэхтик толорор. Ырыаһыттар уонна муусукааннар «Кыракый кыысчааммар», «Кыракый уолчааммар», «Күөрэгэй», «Мин дууһам ыллыыр», «Току-току ньээм-ньээм», «Сардааналыын көрсүһүү», «Киһиэхэ төрөөбүт сирэ-дойдута», «Кыыс Амма» ырыалары сөбүлээн толороллор. Бу сыл сэтинньи 20 күнүгэр
Валерий Власьевич төрөөбүтэ 85 сылын бэлиэтиэхпит. Кини биир дойдулааҕа, аркыастыр артыыһа, “Кыл Саха” бөлөх салайааччыта Анна Томская кэргэнинээн Афанасий Афанасьевичтыын Валерий Ноев аатын үйэтитэргэ элбэх сыраларын биэрэллэр. Бу кэнсиэркэ кинилэр хас да ырыатын попурринан үрдүк таһымнаахтык толордулар.
Василена Шарина-Улан хомуска оонньуурун таһынан өссө ырыаһыт. Кини “Күөрэгэй” норуот ырыатын аныгылыы быһыынан ыллаан дьиэрэттэ.
Аркыастыр артыыһа Виктор Винокуров-Дабайаан аркыастырга таҥсырга оонньуур. Ону таһынан солист быһыытынан баяҥҥа оонньуур. Кэнсиэркэ “Сайыҥҥы попурри” сахалыы ырыалартан быһа тардыыны бэрт сэргэхтик толордо.
1998 с. тыйаатыр биллиилээх үҥкүүһүтэ Афанасий Соловьёв айар киэһэтигэр “Хотугу көстүүлэр” хайыһардаах үҥкүүнү туруорбута. Кэргэнинээн Зоя Михайловналыын өр сыллар устата ситиһиилээхтик толорон баран эдэр артыыстарга көһөрөннөр тыйаатыр репетуарыгар хаалларбыттара. Бу кэнсиэркэ Светлана Чирикова аан бастаан уопуттаах үҥкүүһүттүүн Семен Дьяконовтыын бэрт элэккэйдик, көрүдүөстээхтик туттан-хаптан толордулар. Көрөөччүлэр барахсаттар муҥура суох таһыннылар. (фото 9)
2021 с. аркыастыр артыыстара Мария Коротова уонна Инна Скрыбыкина “Весенний каприс” айар киэһэлэрэ муусука эйгэтин сөбүлүүр көрөөччлэрин муспута уонна наһаа ситиһиилээхтик буолан ааспыта. Бу киэһэ кинилэр хампаһыытар Владимир Кошелев “Каприс № 4. В лучах восходящего солнца» айымньыныларын эмиэ дууһаларын ууран туран бэрт ис киирбэхтик толородулар.
80 сыл анараа өттүгэр нуучча үҥкүү туруорааччыта Анатолий Шатин “Звенящая нежность” үҥкүүнү Тыва омук “Саяны” ансаамбылыгар туруорбута. Бу үҥкүү ити кэлэктиип “Кыһыл көмүс” пуондатыгар киириэн киирбитэ. Онтон биһиги тыйаатырбытыгар ити үҥкүүнү Долаана Федотова аркыастыр доҕуһуолунан сүүрбэттэн тахса сыл бэрт имигэстик, чэпчэкитик үҥкүүлээн кэллэ. Билигин Долаана Чындаевна тыйаатырга сүрүн балетмейстер. Онон ити үҥкүүнү эдэрдэр толороллор. Саскылана Жиркова бу үҥкүүнү кэргэнинээн Эдуардыын “Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ” бастакы айар киэһэтигэр талан толорбута. Бүгүн да киэһэ көрөөччүлэр Саскылана үҥкүүтүн сөбүлээн, дэлби махтанан, ытыстара кытарыар дылы таһыннылар.
Калмык норуотун “Чичердык” үҥкүүтэ Эдуард Жирковка наһаа барсар. Киэҥ истиэп устун атынан элээрдэн айаннаан иһэр курдук, уол оҕото Эдуард салыбыратан-илибирэтэн чэпчэктик да үҥкүүлээтэ.
Аркыастыр артыыһа, “Килбиэн” бөлөх салайааччыта Дьулустаан Никифоров кыл кылыһахха оонньуур “Ситим” композицията эмиэ да бытаан, эмиэ да тэтимнээх муусука , киһи кутун-сүрүн тардар, турукка киллэрэр, чаҕылхай айымньы.
Баянистар Владимир Боярскай уонна Виктор Винокуров-Дабайаан биир идэлээхтэр. Владимир Виктор уһуйааччыта, доҕордуулар, муусуканы өрө туппут артыыстар. Кинилэр толорууларыгар “Сахалыы матыыптары” көрөөччүлэр чугастык ылыннылар.
Саскылана уонна Эдуард Жирковтар быйыл баҕа санаалара туолбута. Кинилэр айар киэһэлэрэ наһаа да элбэх көрөөччүнү муспута. Ол улахан тэрээһиҥҥэ кинилэр иккиэн аан бастаан лирическай “Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ” диэн бэйэлэрин амплуаларын кэҥэтэн саҥа үҥкүүнү толорбуттара. Ол үҥкүүлэрин бүгүн эмиэ иэйиилээхтик, ис киирбэхтик, дьиҥнээх тапталы сценаҕа көрдөрдүлэр.
Солистар кэнсиэрин быйыл саас өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх Гран-При хаһаайына үрдүк аатын ылбыт, өрөгөй кыайыылаах ырыаһыт Александр Карманов “Сайылыгым хотуна” уонна “Харысхалым” ырыаларынан түмүктээтэ.
“Мин кыраайым – мин киэн туттуум” кэнсиэр ытыс тыаһынан доҕуһуолунан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста. Көрөөччүлэр махталларын, биһирэбиллэрин биллэрэн тарҕастылар.
Вера Черноградская
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: