Салгыы
Мобильнай быраастар — абыраллаах биригээдэ

Мобильнай быраастар — абыраллаах биригээдэ

Ааптар:
27.11.2025, 12:20
sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Мобильнай быраастар өссө 36 тыһыынчаттан тахса киһиэхэ көмөлөстүлэр.

Бу сылга 10 ый иһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа мобильнай биригээдэтин исписэлиистэрэ хоту улуустарга уонна уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга 75 сырыттылар. Ол түмүгэр мэдиссиинэ көмөтө өссө 36 тыһ. тахса киһиэхэ оҥоһулунна. Ол иһигэр 24 тыһ. тахса улахан дьоҥҥо, 12 тыһ. оҕоҕо. Бу туһунан СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн иһитиннэрдилэр диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын саайтыгар суруллар.

Маннык мобильнай биригээдэлэри тэрийэр туһунан бырайыак СӨ Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн, бэрэсидьиэн «Уһун уонна көхтөөх олох» национальнай бырайыагын иитинэн тэриллибитэ.

— Өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай биригээдэлэр кииннэрин үлэтэ — бу саамай ыраах сэлиэнньэлэр уонна бөһүөлэктэр олохтоохторугар мэдиссиинэ көмөтүн оҥорор кыаҕы биэрэр, — диэн килиниичэскэй балыыһа (ЯРКБ) кылаабынай бырааһа Алена Никитина. — Биһиги мобильнай биригээдэлэрбит уустук усулуобуйаҕа үлэлииллэр, ыраах айаннаан тиийэллэр. Кинилэр дьаныардаах үлэлэрин көмөлөрүнэн, ыраах улуустар олохтоохторун доруобуйаларыгар көмө оҥоһуллар».

Быйыл доруобуйаларын көрдөрбүт дьон ахсаана элбээбитэ бэлиэтэнэр. Бу көһө сылдьан дьон доруобуйатын көрүү үлэтин хабар  географията кэҥээн иһэрин туоһулуур. Маныаха былаан кыраапыгар эбии сэттэ улуус, ол иһигэр уустук суоллаа-иистээх 46 нэһилиэнньэлээх пуун киирбитэ. Бу Алдан, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Өймөкөөн, Сунтаар, Уус Алдан улуустара. Маны сэргэ, быйыл халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Абый уонна Өймөкөөн улуустарын олохтоохторун доруобуйаларын көрүү киллэриллибитэ. Бу былааны таһынан үлэ. Манна хас да нэһилиэнньэлээх пууннарга 800-тэн тахса киһи доруобуйатын бэрэбиэркэлээбиттэрэ.

Маннык айаҥҥа-сырыыга 112 быраас уонна 19 орто персонал сылдьар. Мэдиссиинэ биригээдэлэрэ нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун сыаналыыллар, дьарҕарбыт ыарыыны быһаараллар, сорох ыарыһахтары анал эмтэниигэ ыыталлар, диспансернай кэтээн көрүүнү аныыллар, уо.д.а.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/16089

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 70% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: