Салгыы
Мобильнай быраастар 20 улууска сырыттылар

Мобильнай быраастар 20 улууска сырыттылар

Ааптар:
15.04.2025, 19:00
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Сыл саҕаланыытыттан Саха сирин Элбэх хайысхалаах өрөспүүбүлүкэтээҕи киин биригээдэлэрэ Өлөөн, Аллараа Халыма, Нерюнгри, Алдан, Эдьигээн, Орто Халыма, Аллайыаха, Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Өймөкөөн, Абый, Муома, Анаабыр, Дьааҥы оройуоннарын олохтоохторун көрдүлэр.

«Оҕо быраастарын биригээдэлэрэ Анаабыр, Нерюнгри, Эбээн-Бытантай, Эдьигээн, Өймөкөөн оройуоннарыгар үлэлээтилэр. Стоматология биригээдэтэ — Эбээн-Бытантай, Аллайыаха уонна Уус Маайа оройуоннарыгар, психоневрологическай бөлөх биригээдэтэ — Орто Халыма, Абый уонна Усуйаана оройуоннарыгар сырыттылар»,- диэн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр бэлиэтээтилэр.

Муус устар 1 күнүттэн Усуйаана оройуонугар 8 исписэлиистээх элбэх хайысхалаах улахан биригээдэ үлэлиир. Былаан быһыытынан быраастар биэс нэһилиэнньэлээх пууну  — Уус Куйга, Сайылык, Депутатскай, Тумат, Дьүкээгир олохтоохторун хабыахтара.

Томпо оройуонугар элбэх хайысхалаах улахан биригээдэ муус устар 14 күнүгэр 7 быраас састааптаах 554 киһини көрдө. Мобильнай быраастар оройуон 7 нэһилиэнньэлээх пууннарыгар тиийдилэр: Тополинай, Дьэбэрики Хайа, Кириэс Халдьаайы, Охотскай Перевоз, Кэскил, Теплый ключ, Мэҥэ-Алдан.

Муус устар 4 күнүттэн Булуҥ оройуонугар 11 исписэлиистээх элбэх хайысхалаах улахан биригээдэ үлэлиир. Мобильнай быраастар командировкалара муус устар 16 күнүгэр диэри салҕанар.

Муус устар 9 күнүттэн саҕалаан  10 быраас састааптаах элбэх хайысхалаах биригээдэ 183 оҕону көрдө. Мобильнай быраастар 6 нэһилиэнньэлээх пууну хабар былааннаахтар.

Аны билигин элбэх хайысхалаах биригээдэлэр Эбээн- Бытантай уонна Үөһээ Халыма оройуоннарыгар үлэлииллэр. Сотору кэминэн элбэх хайысхалаах биригээдэ Дьааҥы оройуонугар, психоневрологическай биригээдэ – Эбээн Бытантай оройуонугар, оттон стоматологическай биригээдэ -Эдьигээн оройуонугар тиийэр былааннаахтар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай быраастар биригээдин үлэтэ «Продолжительная и активная жизнь» национальнай бырайыак чэрчитинэн салҕанар.

Бары сонуннар
Салгыы
16 апреля
  • -11°C
  • Ощущается: -11°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: