Мобильнай дуоктардар үлэлэрэ кэҥиир

Share

Өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай биригээдэ быраастарын үлэлэрин-хамнастарын кэҥэтэр туһунан Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева кэпсэттилэр.

Ил Дархан миниистир отчуотун истэн баран бырайыагы үрдүктүк сыаналаата уонна салгыы сайыннарар наадатын эттэ.

«Пилотнай курдук саҕаламмыт көҕүлээһин олус үчүгэй көрдөрүүлэрдээх. Биһиэхэ Арктика олохтоохторуттан эрэ буолбакка, мобильнай быраастар үлэлээбит сирдэриттэн барытыттан махтаналлар.  Биллэн турар, бу олус наадалаах бырайыагы өссө кэҥэтэр наада, уустук суоллаах-иистээх сэлиэнньэлэргэ, өссө элбэх киһи мэдиссиинэ көмөтүгэр хабылларын курдук«, — диэтэ Айсен Николаев.

Билигин бырайыак 13 Арктика улууһун хабар. Географията Арктика зонатыгар киирбэт биэс улууска эмиэ тарҕанар. Мэдиссиинэ көрүүтэ  Өлүөхүмэ, Алдан, Ленскэй, Өймөкөөн, Уус Маайа улуустарын уустук суоллаах-иистээх сэлиэнньэлэригэр кытары ыытыллар. Былааҥҥа — Саха сирин уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарын мэдиссиинэ көрүүтүнэн хабыы.

2024 сылга элбэх хайысханан быраастар уонунан нэһилиэнньэлээх пууннарга сылдьан, 25 710 киһини көрдүлэр. Көс олохтоох табаһыттар ыстаадаларыгар тиийэн дьон-сэргэ доруобуйатын көрбүттэрэ.

Ону таһынан, көрсүһүүгэ 2025 сылга олоххо киллэриллиэхтээх «Продолжительная и активная жизнь» диэн саҥа национальнай бырайыагы, ону тэҥэ саҥа эбийиэктэри, ол иһигэр модульнайдары эмиэ тутуу туһунан кэпсэтии барда.

Санатар буоллахха, Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээбит Арктика мэдиссиинэтин саҥа көрүҥэ (үлэтэ) 2023 сыл олунньутугар саҕаламмыта. Элбэх хайысханы толорор биригээдэҕэ уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга тиийбэт, суох исписэлиистэр киирсэллэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Айсен Николаев: «Кыайыылаах көлүөнэҕэ махталбыт муҥура суох»

Ахсынньы 23 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар туһаайан этиитэ саҕаланна. Кини бу…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Сергин: «Доруобуйа харыстабылыгар каадыры бэлэмнээһин үлэтэ күүскэ барар»

Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сылга Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын кэлим…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан тырааныспар сайдыытыгар улахан болҕомтотун ууруо

Владимир Сивцев, тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын миниистирэ: -Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын, суолун хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан болҕомтотун…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 12.00 ч. Ил Дархан  Айсен Николаев сыл аайы ыытыллар…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госөҥөлөр портал дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүүттэн эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһүөҕэ

Порталга “жизненная ситуация” диэн саҥа раздел баар буолбут. Манна дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүү көрүҥнэригэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Урбаан миниистирэ Георгий Андреев  социальнай ситимнэргэ быһа эпииргэ тахсыаҕа

СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Георгий Андреев бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр,  СӨ Ил Дарханын…

2 часа ago