Мобильнай хирурдар Эдьигээн улууһугар үлэлииллэр

Share

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин үлэһиттэрин биригээдэтэ 2024  сыл саҕаланыаҕыттан  өрөспүүбүлүкэ 13 улууһугар (Нерюнгри, Алдан, Ленскэй, Дьааҥы, Ньурба, Мииринэй, Горнай, Сунтаар, Чурапчы, Нам, Амма, Үөһээ Бүлүү) 19-та сырытта. Сорох улуустарга быраастары иккистээн ыҥыраллар.

Мобильнай  биригээдэ билигин Эдьигээн улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар үлэлиир. Быраастар манна сэтинньи 11-22 күннэригэр нэһилиэнньэ доруобуйатын бэрэбиэркэлиэхтэрэ.

«Үлэ бастакы күнүттэн  быраастар: хирург – 25, тымыр хирура – 18, нейрохирург 2 киһини көрдүлэр”, — диэн хирургия мобильнай киинин салайааччы Максим Макиевскай иһитиннэрдэ.

Быраастар эпэрээссийэлэри оҥороллорун сэргэ,  биир ыарыһаҕы Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа сиһилии чинчийиигэ ыытарга былаанныыллар.

Санатан эттэххэ, Хирургия мобильнай киинин быраастара сыл саҕаланыаҕыттан суһаллык эмтэниигэ наадыйааччыларга көмөлөһөр туһугар 1 800-тахса киһини көрдүлэр,  589 эндоскопия уонна  ультразвуковой  чинчийиини ыыттылар, 560-тан тахса суһал орооһуу оҥоһулунна.

Мобильнай биригээдэ Оройуоннааҕы киин балыыһалар усулуобуйаларыгар анал, ол иһигэр мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтүн,  оҥорор. Быраастар иэччэх сүһүөҕэр эндопротезированиены, мурун токуруйбутун  көннөрүүгэ, лапароскопическай холецистэктомияларга, тымырдарга, суон оһоҕоско уо.д.а. эпэрээссийэлэри ситиһиилээхтик оҥороллор.

Хирургия мобильнай киинин үлэтин кэмигэр травматолог-ортопедтар 66, оториноларинголог-быраастар 88-тан тахса, хирурдар 82 ыарыһаҕы эпэрээссийэлээтилэр. Эпэрээссийэлэммит дьон бары олорор сирдэринэн салгыы кэтээн көрүүгэ сылдьан эмтэнэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

21 саастаах кыыс суох пылесоһу атыылаабыт

Дьокуускайга полиция отделыгар олохтоох дьахтар сайабылыанньа суруйбут. Кини кэпсээбитинэн, биир саайтка пылесос атыыланарын туһунан биллэрии…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Чөркөөхтөр норуот тыйаатырдаахпытынан киэн туттабыт

Бу сыл сэтинньи 15 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас түмэлигэр «Норуот айар аартыга – ааспыт,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөнэ муостата тутуу кыһыннары бара турар

Кырдьаҕас Табаҕа таһынан Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута кыһыҥҥы кэми аахсыбакка бара турар. [gallery ids="168010,168011,168012,168013,168015"]…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бэйиэт Зинаида Архипова айар киэһэтэ буолла

Бэйиэт, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, "Алта" кинигэ кыһатын салайааччы, СӨ бэчээтин туйгуна Зинаида Архипова "Көс…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дьиэрэй ырыам” кэнсиэр үгүс дьону муста

Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра сэтинньи 14 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй  аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр …

3 часа ago
  • Сонуннар

2025 сылга уоппусканы хаһан ылар табыгастаааҕый?

Үлэ тэрилтэлэрин каадырга отделлара сэтинньигэ-ахсынньыга эһиилги сылга уоппуска графигын оҥороллор. Уоппуска төлөбүрэ хайдах оҥоһулларый? Уоппуска…

4 часа ago