Салгыы
“Модун Арассыыйа адьас кыайтарыа суоҕа”

“Модун Арассыыйа адьас кыайтарыа суоҕа”

Ааптар:
07.09.2023, 09:50
Бөлөххө киир:

Запорожье эргин сылдьар кэммитигэр, «Якут» диэн позывнойдаах рота хамандыыра дойдутугар уоппускаҕа баран иһэрин көрсөн кэпсэппитим. Кинилиин кэпсэтэн баран, чахчы да эр санаалаах, хорсун, патриоттуу тыыннаах уолаттардаах эбиппит диэн киэн туттар санаа киирбитэ.

Бэйэтин туһунан кылгастык

– Үтүө күнүнэн, бэйэҥ тускунан бэрт кылгастык билиһиннэр эрэ.

– Ньурба улууһун Хорула­тыттан төрүттээхпин. Ыалга соҕотох оҕобун.  Идэм суох, арай, аармыйаҕа сулууспалыыр кэммэр прапорщик буолбутум. АГАТУ-га устудьуоннаабытым  эрээри, хомойуох иһин, бүтэһик кууруспун түмүктүү иликпин. Бүтэрэрим буол­лар, сир үлэтин исписэлииһэ буолуохтаах этим, дьиҥэр. Ол эрээри, үлэлээбит эйгэм элбэх. Ыччат лиидэриттэн саҕалаан култуураҕа, нэһилиэк баһылыгын эбээһинэһин толорооччунан, сир исписэлииһинэн үлэлээбитим. Онон олоххо уопутум, билиим-көрүүм улахан.

Сылтан орто

– Байыаннай дьайыыга хаһан кэлбиккиний?

– Былырыын балаҕан ыйыгар кэлбитим. Ньурбаттан уон буолан туруммуппут. Бары биир байыаннай чааска тү­­бэспиппит уонна эбии саха уолаттарын ылаттаабыппыт. Онно 3-с штурмовой-разведкалыыр ротаҕа взвод хамандыыра этим. Ый курдук взводу салайбытым. Онтон салгыы “Якутская” диэн рота хамандыыра буолбутум. Биһиги дьиэ­бититтэн кэлээт, биир нэдиэлэ иһинэн инники кирбиигэ киирбиппит. Билигин да онно баарбыт. Тоҕус ыйтан ортубут. Алтыс ыйбар уоппуска ылбытым, онтон бу эмиэ баран эрэбин. Хамандыыр буоларым быһыытынан эрдэ ыҥырбыттара, дьиэбэр түөрт эрэ хоммутум. Хамандыыр уоппуската атыттардааҕар кылгас соҕус. Донецкай Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу эргининэн үксүн сылдьабыт.

Хамандыыр буолуу – эппиэтинэс…

– Рота хамандыыра эбиккин. Хамандыыр, бастатан туран, туох хаачыстыбалардаах буо­­луохтааҕый?

– Рота хамандыыра диэн ийэ, аҕа оруолун толорооччу. Барытыгар бэйэтинэн холобур буолуохтаах, мэлдьи инники сылдьыахтаах. Дьону кытта биир тылы булар, барытыгар ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх буолуохтаах. Аны туран, ба­­йыастар кыһалҕаларын түргэнник быһаара охсорго кыһаллыахтаах-мүһэллиэхтээх. Ити этиллибит барыта баар буоллаҕына биирдэ эрэ, убаастабылы ылаҕын уонна эйигин кытта ханна баҕарар киирсэллэр. Дьону байыаннай дьа­­йыыга инники кир­­биигэ ­атаакаҕа киллэрэр манан аҕай дьыала буолбатах, уустук ээ. Бастаан утаа взвод хамандыырын солбуйааччытынан кэлбитим. Онтон тута хамандыырынан туруорбуттара.

Эһээлэрбит суолларынан…

– Үрдүттэн сылдьар киһи быһыытынан баар балаһыанньаны туох диэн тойоннуугун?

– Аҕа дойду Улуу сэриитигэр эһээлэрбит Ийэ дойдуларын туруулаһан көмүскээбиттэрэ. Биһиги эмиэ ити суолу тутуһуох тустаахпыт. Эр дьон буоллахпыт, Ийэ дойдубутун хайаан көмүскүөхтээхпит. Дойдубутугар ыксал, куттал тирээтэ даҕаны, онно бары эр дьон бэлэм буолан көмүскүөх тустаахпыт. Патриотическай тыын барыбытыгар эппитигэр-хааммытыгар баар буо­­луохтаах.

Сахам дьоно, биири өйдүөхпүтүн наада. Модун дойдубутугар чахчы куттал­лаах кэмнэр тирээн, бүрүүкээн тураллар, этэргэ дылы, аан дойду үгүс дойдулара утары санаалаахтар. Ордук ар­­ҕааҥҥы дойдулар ис санаалара дьэ хайдаҕа-туга ырылыччы көһүннэ-билиннэ. Албыннара-көлдьүннэрэ, ньүдьү-балайдара барыта ыраас мууска ууран бэриллэрдии  дьэҥкэтик көһүннэ. Хомойуох иһин, бырааттыы норуоттары утарыта харсыһыннардылар. Мэйиилэрин сүүйэн олороллор. Ол эрээри, Арассыыйа норуоттара бары биир санаанан салайтаран сомоҕолостулар, бииргэ­лэстилэр. Саамай сүрүнэ, бу  буолар. Онон олох кыайтарыахпыт суоҕа диэн 100 бырыһыан эрэнэбин.

Анарааҥҥылар ортолоругар балаһыанньаны өйдөөччүлэр элбэхтэр. Этэргэ дылы, үгүстэрин күүстэринэн өттөйөн бу киирсиигэ киллэрбиттэрэ чуолкай суол. Ол барыта ырылыччы көстөр. Харчыга наймылаһан киирбиттэр элбэхтэр.

Саха сирэ эмиэ кыах­тааҕын, тулуурдааҕын көрдөрдө. Үчүгэйэ диэн, бэйэтин уолаттарын олох бырахпата, биир дойдулаахтарбыт тохтоло суох көмөлөһүүлэрэ, өйөбүллэрэ биһиэхэ күүспүтүгэр күүһү биэрэр.

Убаастыыллар, сыаналыыллар

–Эһиэхэ уопсай сыһыан хайдаҕый? Аҥаардас сахалары эрэ инники кирбиигэ ыыталлар диэни кытта сөпсөһөҕүн дуо?

– Саха сириттэн сылдьар уолаттары манна убаастыыллар, үрдүктүк сыаналыыллар. “Саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой” диэн өс хоһооно манна уот харахха этиллэр. Биһиги дьоммут оборуонаны туталларынан атыттарга тэҥнээхтэрэ суох. Аны туран, бэриллибит сыалы-соругу чуолкайдык  толоробут. Ол эрээри, аҥаардас сахалары эрэ инники кирбиигэ киллэрэллэр диэн этии туос сымыйа. Адьас оннук буолбатах. Нууччалар үксүн инники кирбиигэ киирэллэр. Кинилэр ахсааннара барыбытын хас эбит төгүл баһыйар буоллаҕа.

Биһиги кими да быраҕан куоппаппыт. Уон сахаттан биирбит эбит бааһыран хаалар түбэл­тэтигэр кинини адьас хаалларыахпыт суоҕа. Маннык бары бэйэ-бэйэбитин өйөнсөн сылдьабыт.

Көмүскэниини хааччыйыы иһин

«Якут» «Эр санаа» икки уордьанынан наҕараадаламмыт.   Оборуонаны, көмүскэниини хааччыйыы иһин биэрбиттэр. 21 күн устата тура тэбинэн туран, оборуонаны хааччыйбыттар. 54 бронетиэхиньикэни суох оҥорбуттар. Батальонун уоттан хайдах таһаарары эрдэттэн былааннаабыт, онон барыта этэҥҥэ буол­бут. Квадрокоптерынан эрдэттэн көрөн-истэн, балаһыанньаны тута хонтуруоллуу олорбут. Бу наҕараадаларын үрдүк сыанабыл, чиэс-бочуот диир. Модун, улуу Арассыыйа хайдах даҕаны кыайтарыа суоҕа диэн этэр.

Саха сирэ – Запорожье – Саха сирэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: