Москваҕа генофонднай боруода сүөһүлэри иитии туругун дьүүллэһиэхтэрэ

Share

Кэлэр нэдиэлэҕэ Москваҕа “Көмүс күһүн –2022” Арассыыйа 24-с агробырамыысыланнай быыстапкатын чэрчитинэн СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин мунньахтыыр саалатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа. Кэмпириэнсийэ тиэмэтэ —  “Тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүн олохтоох генофонднай боруодаларын харыстааһын уонна сайыннарыы”.

Манна СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров Саха сиригэр бу генофонднай боруода сүөһүлэри иитии кэскилин туһунан кэпсиэҕэ. Биллиилээх учуонайдар бу көрүҥ сүөһүнү иитии кыһалҕаларын, цифровизация, технология тустарынан дакылааттарын истиэхтэрэ. “Сахаагроплем” тэрилтэ салайааччыта Алексей Жирков генофонднай ынах сүөһүгэ инвентаризацияны ыытыы түмүктэрин билиһиннэриэҕэ.

Биллэрин курдук, быйыл саас “Дойдуга таһаарыллыбыт тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүн генофонднай боруодаларын кыһалҕаларын уонна харыстааһын туһунан” федеральнай таһымнаах Саха сиригэр ыытыллыбыт мунньахха РНА академига, тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара, профессор Харон Амерханов кэлэн кыттыбыта уонна сүрүн дакылааты  оҥорбута. Кини “Сахаагроплем” тэрилтэҕэ төрдүс сырыытын кэлэ сылдьыытыгар манна лабораторнай тэриллэр, өрөмүөннэммит дьиэ-уот сөхтөрбүтүн эппитэ.

Дойду 85 субъектарыттан Саха сирэ бэйэтэ азоттаах племенной тэрилтэлээх диэн хайҕаабыта.  “Арассыыйа атын тэрилтэлэрэ азоту хантан ылары толкуйдууллар, эһиги бэйэҕит хааччыллыбыккыт таһынан өссө атыылыыгыт”, — диэбитэ.

Харон Адиевич  «Сахаагроплемҥа»  маннык соругу туруорбута: “Саха сирин сиригэр-уотугар баар тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүн боруодаларыгар инвентаизацията ыытыҥ. Онтон сиэттэрэн селекционнай үлэни ыытыыны торумнааҥ. Генофонднай хаһаайыстыбалар кэрискэлэрин бэлэмнээҥ, кинилэргэ сокуонунан  көмөлөһөр соруктаах”.  Уонна Саха сиригэр баар курдук саха сылгытын, үс боруода табатын, холмогорскай боруода ынах сүөһүтүн уонна саха сүөһүтүн курдук ханна да суох диэн этиллибитэ. Онон Саха сирин дэлэгээссийэтэ кэпсиирэ элбэх буолуоҕа.

Кэмпириэнсийэ үлэтигэр өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов, миниистири солбуйааччы Николай Афанасьев уо.д.а.,  уопсайа Саха сириттэн 15 киһи кыттара күүтүллэр.

Хаартыскаҕа: тустаах министиэристибэ саайтыттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

10 часов ago