Москваҕа «Народное электро» тэрээһиҥҥэ Чыскыырай кыттыаҕа

Share
Ахсынньы 8 күнүгэр «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум иитинэн  «Народное электро» диэн  фолк-шоу ыытыллыаҕа.

Ыалдьыттарга анаан Саха сирин биллэр ырыаһыта  Валентина Романова — Чыскыырай  диджей  Uraanы кытта бэйэлэрин бырагыраамаларын көрдөрүөхтэрэ.

ВДНХ баар Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурук уонна Уһук Илини  сайыннарыы министиэристибэтин павильоннара саамай бастыҥынан ааҕыллыбыттара. Бу иһигэр Саха сирин «Якутия — Вселенная Олонхо» экспозицията эмиэ киирэр.  Наҕараадалары э РФ Бэрэсидьиэнин дьаһалтатын  салайааччытын бастакы солбуйааччы  Сергей Кириенко туттартаабыта.

Санатан эттэххэ, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин XXI үйэҕэ Уһук Илини сайыннарыыны национальнай суолталаах инники күөҥҥэ турар боппуруоһунан эппитэ. «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорумҥа бары эрэгийиэннэр бэйэлэрин ситиһиилэрин көрдөрөллөр.

Саха сирин экспозициятыгар ыалдьыттар эрэгийиэн ураты айылҕатын, устуоруйатын, култууратын билсэллэрин таһынан, саха эпоһын нөҥүө креативнай индустрия бырайыактарын көрдөллөр.

«Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум РФ Бэрэсидьиэнэ  Владимир Путин сорудаҕынан сэтинньи  4  күнүттэн 2024 сыл муус устар 12 күнүгэр диэри ыытыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

6 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

7 часов ago