Москваҕа ыһыахха хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи муһунна.
Ийэ дойду тэбэр сүрэҕэр, Москваҕа ыытыллыбыт ыһыахха, барыта 26 тыһыынчаттан тахса киһи сылдьыбыт. Былырыын 25 тыһыынча киһи сылдьыбыта бэлиэтэнэр.
Күүтүүлээх, үөрүүлээх тэрээһин «Коломенское» музей-заповедник сиригэр-уотугар 16-с төгүлүн буолла. Манна сыл ахсын Саха сирин устуоруйатын, култууратын, үгэһин сэҥээрэр, сэргиир Москва куорат олохтоохторо, дойдулаахтарбыт мусталлар.
Ыһыах алгыстан саҕаланна. Бэртээхэй кэнсиэри, успуорт күрэхтэһиилэрин, быыстапкалары, куонкурустары, маастар-кылаастары, о.д.а. көрөн, сорох ыалдьыттар кыттаннар улаханнык сэргэхсийдилэр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйөбүл буолар сыаллаах тэриллибит тэрилтэлэр, түмсүүлэр, волонтердар хамсааһыннарын «Мы вместе» былаһаакката болҕомтону тарта. Манна төгүрүк остуол ыытылынна, хаартысканан быыстапка тэрилиннэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытары көрсүһүү буолла, байыастарга ыытарга анаан түһүлгэҕэ мустубут ыалдьыттар сурук суруйдулар.
Бу күн «Эрэл (Надежда)», «Своих не бросаем» үтүө санаа пуондатын бэрэстэбиитэллэрэ, «Запасы 31» уонна «Армия Тыла» волонтердар организациялара, ДНӨ уонна Крым бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһиттэрэ тыл эттилэр, санааларын үллэһиннилэр. Подольскайтан «Рокот-НВП» уопсастыбаннай хамсааһын көхтөөх кыттааччылара байыаннай бэлэмнэнии үөрэҕиттэн (НВП) толорон көрдөрдүлэр. Оттон «Саха-волонтер» түмсүү кыттыылаахтара күн устата бааһырбыт байыастарга анаан сыттыктары тиктилэр.
«Саха-волонтер» түмсүү түргэн-тарҕан уонна далааһыннаах үлэтин туһунан РФ Бэрэсидьиэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов кэпсээтэ.
Сиһилии манна https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3363223 ааҕыҥ.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…