Муома бөҕөһө Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирдэ

Share

Халыма-Индигиир улуустарын уокуругуттан үгүс спортсмен араас көрүҥнэргэ ситиһиилэрдээхтэр. 

Ол курдук, бу күннэргэ Муоматтан төрүттээх бөҕөс Артем Слепцов тустууга Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбитин туһунан үөрүүлээх сонун кэллэ.  Биллэн турар, эдэр дьону кэмигэр бэлиэтии көрөн өйүөххэ, ситиһиилэринэн кынаттанан үрдүктэн үрдүккэ дабайыыларын көҕүлүөххэ наада. Ыраах хотугу улуустар спортсменнарын өйөөччү, Ил Түмэҥҥэ Халыма-Индигиир уокуругуттан норуот дьокутаата, «Якутскэнерго» ПАУо генеральнай дириэктэрэ  Гаврил Алексеев бу  салааҕа туох үлэ ыытылларын туһунан санаатын үллэһиннэ:

— Соторутааҕыта буолан ааспыт тустууга Арассыыйа чөмпүйэнээтин  долгуйа кэтээбитим. Онно Артем Слепцов бэркэ киирсибитэ. Бастыыр да кыахтаах этэ дии саныыбын. Артемы уонна кини тириэньэрэ Юрий Афанасьевы кытта бииргэ үлэлэһэбит. Спортсмен күрэхтэһиигэ, сборга айанныырыгар уонна иҥэмтэлээхтик аһаан күүстээх-сэниэлээх сылдьарыгар аадырыстаах көмө  оҥорон өйүүбүн. Артем улахан күрэхтэһиилэргэ тустарын кэтиибин, ситиһиилэриттэн үөрэбин уонна өссө да кыайыы кэлэ турарыгар сыралаһан туран үлэлииригэр баҕарабын.

What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура

Бүгүн буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла.  2019 сыллаахха…

1 секунда ago
  • Сонуннар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Эһигини Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: итирик уруулга олоруу тохтообот

Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 5 буруйу оҥоруу түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, олорунан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытыллар уонна холуобунай дьыалалар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Олоҥхо күнэ

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…

2 часа ago
  • Быһылаан

Мииринэйгэ суол кытыытыттан эр киһи өлүгүн буллулар

Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…

3 часа ago
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…

4 часа ago