Муус устар 12 күнүгэр олоҕурбут көрүҥүнэн Бүтүн Арассыыйатааҕы “Работа России. Время возможностей” үлэ дьаарбаҥкатын эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэ буолар. Дьаарбаҥка өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар ыытыллар. Дьокуускай куоракка “Үлэ кыбаартала” креативнай кластерга, бу ыйыллыбыт аадырыска тэрийиэхтэрэ: Труд уул. 1а нүөмэрдээх дьиэтэ.
Дьаарбаҥкаҕа ситэриилээх былаас федеральнай уорганын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын ситэриилээх уорганын бэрэстэбиитэллэрэ, биисинэһи сайыннарар институттар, судаарыстыбаннай кыттыылаах хампаанньалар, урбаанньыттар, үлэ биэрээччилэр, Идэлээх Сойуустар холбоһуктара кыттыахтара диэн Үөрэх уонна билим министиэристибэтин саайтыгар сырдаталлар.
Кыттар дьон: үлэ биэрээччилэр; үлэтэ суох быһыытынан нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр бэлиэтэммиттэр (зарегистрированные); үлэтэ суох, бэйэлэрэ үлэрэ көрдүүр дьон; үлэлээх эрээри, үлэлэрин миэстэтин уларытыан баҕарар дьон; үрдүк, орто үөрэҕи бүтэрээччилэр; устудьуоннар; үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр, педагогтар уонна биирдиилээн сэҥээрбит дьон.
Дьокуускай куоракка кыттааччылары бэлиэтээһин муус устар 12 күнүгэр сарсыарда 9:00 чаастан, “Үлэ кыбаарталыгар” (Труд уул. 1а нүөмэрдээх дьиэтэ) саҕаланар.
Сиһилии Саха Өрөспүүбүлүкэтин официальнай иһитиннэрэр порталыгар бу сигэнэн билсиэххитин сөп: https://gkzn.sakha.gov.ru уонна https://t.me/gkznsakha Telegram-канал, СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин интерактивнай порталыгар бу аадырыһынан: https://работавякутии.рф уонна Telegram-канала: https://t.me/czn_yakutia
Дьаарбаҥка бырагырааматын туһунан манна ааҕыҥ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…