Мындаабаҕа спортивнай комплекс тутуллар

Share

Уус Алдан улууһугар Мындаабаҕа»Спорт-олох нуорумата» бырайыак иитинэн, 32 миэстэлээх уопсайдаах дэгиттэр спортивнай комплекс тутуллан бүтэн эрэр. Тутууну быйыл сэтинньи бүтүүтүгэр үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар.

Спортивнай комплекс Саха АССР 100 сылыгар тутуллар эбийиэктэр испииһэктэригэр киллэриллибитэ.
Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитин курдук, өрөспүүбүлүкэ сүүс сыла — ааспыт олохпут кэрчик кэмэ эрэ буолбатах, бу сайдыы түһүмэҕэ саҕаланар кэмэ. 2022 сылга улахан куораттарга эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ кыра нэһилиэнньэлээх пууннарыгар эмиэ сүүстэн тахса социальнай суолталаах эбийиэктэр тутуллан киирэллэр.
«Билиҥҥи туругунан эбийиэк 99,7% бэлэм. Ис өттүгэр истиэнэтин кырааскалыыллар. Маны сэргэ, Уус Алдан Бороҕонугар сыл бүтүөр диэри, элбэх хайысхалаах доруобуйаны чэбдигирдэр, спортивнай комплекс, 1000 миэстэлээх трибуналаах, сүүрэр ыллыктаах стадион, 450 оҕо үөрэнэр оскуолата  киириэхтээхтэр«, — диэн этэр «СӨ судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспатын» генеральнай дириэктэрин э.т. Гаврил Скрыбыкин.
Тутуу уопсай иэнэ 1509 кв. м. Спортивнай комплекс икки дьиэлээх. Манна тустууктар дьарыктанар саалалара, тириэньэрдэр, быраас хосторо, душтаах таҥас уларыттар сирдэр, дьарыктанар саала, административнай, хаһаайыстыбаннай сирдэр, 32 миэстэлээх уопсай бааллар.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

18 минут ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

46 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

13 часов ago