Национальнай бырайыагынан УЗИ-аппарааттара кэллилэр
«Доруобуйа» национальнай бырайыагынан, Саха сиригэр 13 УЗИ аппараата кэллэ. Үрдүк кылаастаах аныгы аппарааттары Дьокуускай куорат Мэдиссиинэҕэ киинигэр, Хаҥалас, Эдьигээн, Ленскэй, Усуйаана, Алдан оройуоннарын кииннэммит балыыһаларыгар уонна Айхал балыыһатыгар биэрдилэр.
Бу аппарааттар тэхиньиичэскэй өттүнэн тупсарыллыбыттар, чуолкай түмүгү ыларга көмөлөөхтөр, тута сыыппара көрүҥэр көһөрөн, архыыпка угар кыахтаахтар.
— Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр мэдиссиинэ тэриллэрин саҥардыыга 2025 сылтан үлэлиэхтээх «Продолжительная и активная жизнь», «Семья» диэн саҥа Национальнай бырайыактар чэрчилэринэн, үлэ ыытыллар. Балыыһалары диагностикалыыр аппарааттарынан эрэ буолбакка, тыҥаҕа аналлаах ИВЛ-аппарааттарынан, мониторинг ыытар, эпэрээссийэлиир тэриллэринэн хааччыйар былааннаахпыт, — диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева эттэ.
«Доруобуйа харыстабыла» Национальнай бырайыак үлэлиэҕиттэн, Саха сиригэр 769 мэдиссиинэ анал тэрилэ, ол иһигэр, 125 сыаналаах тэриллэр — көмпүүтэр томографтара, рентген комплекстара, маммография, ФЛГ аппарааттара, о.д.а. кэлбиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: