Национальнай бырайыактарынан 319 социальнай эбийиэк тутулунна
Кирилл Бычков национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ бырайыактыыр офис мунньаҕын ыытта. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ миниистирдэргэ улахан эппиэтинэс баарын санатта.
Көрдөрүү туолбат буолуута, болдьоҕор толоруллубата, үп-харчы кэмигэр туһаныллыбата тахсыа суохтаах диэн кини бэлиэтээтэ.
Мунньахха «Үөрэҕирии», «Аччыгый, орто урбаан», «Доруобуйа харыстабыла», «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар», «Туризм», «Беспилотнай авиационнай систиэмэлэр», «Демография» национальнай бырайыактары уонна эрэгийиэннээҕи «Ыраас уу», «Хомунаалынай кытаанах бөҕү суох гынар кэлим систиэмэ», «Куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии» бырайыактар олоххо киириилэрин ырытыстылар.
2024 сылга национальнай бырайыактарынан уонунан эбийиэккэ хапытаалынай тутуу ыытыллыаҕа. Бу олорор дьиэлэри, социальнай эбийиэктэри, муосталары тутууга 50 миллиард солкуобай кэриҥэ үп көрүллэр.
2019 сылтан национальнай бырайыактарга үбүлээһин 4 төгүл улаатан, 2023 сылга 187 миллиард солкуобайга тэҥнэспитэ. Бу — 900-тэн тахса килэмиэтирдээх суолу, 50 муостаны оҥоруу, 60-тан тахса балыыһалары, поликлиникалары, 50-ча оскуоланы, 32 уһуйааны тутуу. Биэс сыл устата барыта 319 социальнай эбийиэк тутулунна.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин быйыл өссө 5 саҥа национальнай бырайыак үлэлиирин туһунан иһитиннэрбитэ: «Дьиэ кэргэн», «Арассыыйа ыччата», «Уһун, көхтөөх олох», «Каадырдар» и «Дааннайдар экэниэмикэлэрэ».
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: