Сэтинньи 18 күнүгэр Москваҕа Поварскай уулуссаҕа турар аатырбыт Ростовтар дьиэлэригэр Арассыыйа суруйааччыларын уонна кинигэни таһаарааччыларын ассоциациятын (АСПИ) Айар сүбэтин мунньаҕа буолла. Мунньахха сүбэ чилиэнэ, норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева кыттыыны ылла.
Н.И. Харлампьева Сергей Шаргуновы кытта.
Бу ассоциация икки сыллааҕыта Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһа, Москва суруйааччыларын сойууһа, Арасыыйа кинигэ таһаарааччыларын сойууһа уонна Арассыыйатааҕы суруйааччылар сойуустара (Союз российских писателей) кыттыһан, күүстэрин түмэн, тэрийбиттэрэ. АСПИ ассоциациятын суруйааччы, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Сергей Шаргунов салайар.
— Ассоциация өр сыл хамсаабакка турбут боппуруоһу – национальнай суруйааччылар айымньыларын тылбаастаан, кинигэ оҥорон таһаарыыны хамсатта. Быйыл норуодунай суруйааччы Николай Лугинов «Мать Чингисхана» кинигэтин таһааран баран, Москватааҕы кинигэ дьаарбаҥкатыгар сүрэхтээбиттэрэ.
Бу күннэргэ бэйиэт Саргылана Гольдерова кинигэтин таһаарыахтара уонна ахсынньыга саамай биллэр кинигэ быыстапкатыгар сүрэхтиэхтэрэ. Бу АСПИ дьоһун үлэтин көрдөрөр. Биһиги сойууспутугар Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһуттан эрэ буолбакка, ассоциация болҕомтото, өйөбүлэ кэлэр буолбута олус үчүгэй! Мин Айар сүбэ салайааччыта Владимир Толстойы, АСПИ бэрэссэдээтэлэ Сергей Шаргуновы кытары кэпсэттим, инники үлэбитин торумнастым, — диэн Наталья Ивановна кэпсээтэ.
Сергей Степашин суруйааччы Анатолий Кими кытта.
АСПИ икки сыллаах үлэтин отчуоттаата. Дьэ, элбэх үлэни ыыппыт эбит. Бастатан туран, суруйааччылар үлэлиир усулуобуйаларыгар болҕомто ууруллубут. Суруйааччы сайаапка суруйан, куонкуруһу ааһан баран, талбыт санаторийыгар баран, ыйы быһа туохха да аралдьыйбакка сытан, айымньытын суруйуон сөп. Санаторийга олоруута төлөнөр. Кини биир ыйынан айымньыта суруллубутун отчуоттуохтаах. Урут сэбиэскэй кэмҥэ суруйааччылар маннык ньыманан арамааннарын суруйаллара. Бу үтүө үгэс эргиллибитэ саҥа айымньылары тосхойоро саарбаҕа суох. Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит, кырдьаҕас суруйааччыларга көмө оҥорор буолбуттара эмиэ кэрэхсэбиллээх.
Маны тэҥэ, эдэр, саҥа саҕалыыр суруйааччылары кытары үлэ саҕаламмыт. “Артек” лааҕырга литературнай симиэнэ диэн баар буолбут. Арассыыйа устун айар айаннары тэрийэллэр.
Саамай суолталааҕа, национальнай литератураларга болҕомто ууруллубут. Айымньылары тылбаастаан, кинигэ бэчээттээн баран, биллэр-көстөр быыстапкаларга, дьаарбаҥкаларга сүрэхтииллэр.
Владимир Толстой Евгений Рейнҥа уордьаны туттарар.
АСПИ Поварскай уулуссаҕа Ростовтар дьиэлэригэр олохсуйбут, өрөмүөн оҥоһуллубут. Бу дьиэ чуҥкуйан турбута ханна да суох, билигин манна литературнай олох оргуйан олорор – көрсүһүүлэр, сүрэхтээһиннэр, биэчэрдэр, о.д.а. тиһигин быспакка буолаллар.
Мунньахха саҥа оҥоһуллубут судаарыстыбаннай наҕарааданы — «За заслуги в культуре и искусстве» уордьаны туттардылар. Уордьаны биэс патриарх суруйааччыга, нуучча литературатын тыыннаах классиктарыгар – кириитик Игорь Золотусскайга, прозаик Анатолий Кимҥэ, бэйиэттэр Евгений Рейнҥа, Станислав Куняевка, Олег Чухонцевка туттардылар. Кинилэри РФ култууратын миниистирэ Ольга Любимова видео сибээһинэн эҕэрдэлээтэ.
Наталья Харлампьева Москваттан ассоциацияны кытары айар үлэҕэ элбэх былааннардаах эргилиннэ. Тылбаас үлэтэ күөстүү оргуйуоҕа. Бары хайысханан АСПИ үлэтигэр кыттыһар сорук турар. Саха сирин норуоттарын литературалара Арассыыйа литературнай каартатыгар дьоһуннаах миэстэлээх.
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…