Салгыы
«Нам оройуонун холкуостара» кинигэ сүрэхтэннэ

«Нам оройуонун холкуостара» кинигэ сүрэхтэннэ

Ааптар:
09.10.2024, 14:00
Хаартыска: “Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Алтынньы 8 күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ конференц-саалатыгар “Нам оройуонун холкуостара” кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Кинигэҕэ 1927-1951 сс. Нам оройуонугар холкуостар тэриллиилэрин, сайдыыларын устуоруйата сырдатыллыбыт. Манна СӨ Национальнай архыыбын уонна Намнааҕы муниципальнай архыып докумуоннара, Саха сирин уонна Нам улууһун араас сыллардааҕы хаһыаттарын матырыйааллара, нэһилиэктэр архыыптарыттан хаартыскалар киирбиттэр. Кинигэ Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар ананан 544 сирэйинэн 160 экземплярынан бэчээккэ таҕыста. Бу туһунан “Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата суруйар.

“Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата

Үөрүүлээх түгэнинэн “Нам улууһа” МТ баһылыгын солбуйааччы Юрий Дьяконов, Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кээпэрэтииптэрин ассоциациятын толорооччу дириэктэрэ Зарема Бочкарева, СӨ сэрии, тыыл, үлэ, быраабы харыстыыр тэрилтэлэр бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Никита Ноев, бу тэрилтэ эппиэттиир сэкирэтээрэ Дина Охлопкова уонна сүрүннүүр исписэлииһэ Евгения Герасимова, СӨ кинематографиятын бэтэрээннэрин уопсастыбаннай түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ, П. Дудкин аатынан Дьокуускайдааҕы сибээс уонна энергетика кэллиэһин преподавателэ Полина Лепчикова, “Нам” түмсүү салайааччытын солбуйааччы Мария Габышева, Нам улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын началынньыга Владимир Макаров, улуус үөрэҕин управлениетын началынньыгын солбуйааччы Егор Бочонин, П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы устуоруйа уонна этнография түмэлин дириэктэрэ Александр Копырин, “Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ” МТ баһылыга Иван Ноговицын, кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит кыраайы үөрэтээччилэр, бэтэрээн сэбиэттэрэ, уопсастыбанньыктар ыалдьыттаатылар, эҕэрдэ тылларын анаатылар, наҕараадалары туттардылар.

Бу кинигэ эдэр көлүөнэҕэ уонна хас биирдии ааҕааччыга Нам оройуонун урукку тыйыс, аас-туор, кырыымчык холкуостааһын кэминээҕи олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын туһунан сиһилии билсэригэр олук ууруоҕа. Кинигэ ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ сүҥкэн суолтанара саарбаҕа суох.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: