Нам улууһун талааннаах тарбахтара быыстапкаларын туруордулар

Share

Бу күннэргэ Нам улууһугар XIV-с төгүлүн «Якутия мастеровая» быыстапка-дьаарбаҥка ыытылынна диэн «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Нам улууһун талааннаах тарбахтаах маастардарын хатыламмат оҥоһуктара дьүүллүүр сүбэ сэҥээриитин ылыан ылла, «Саха сирин уус-уран оҥоһуктарын маастара» ааты Хатыҥ Арыыттан Дария Ивановна Мальцеваҕа уонна Үөдэйтэн сылдьар Вера Васильевна Тимофееваҕа иҥэрилиннэ.

Нам сэлиэнньэтиттэн Анастасия Петровна Герасимова уонна Иван Васильевич Винокуров «Туоһу таҥастааһын» номинацияҕа 1-кы миэстэни ылары ситистилэр. Хамаҕаттаттан Руслан Захаровка «Удьаа хамыйах» күрэх түмүгүнэн «Бастыҥ оһуор» анал аат иҥэрилиннэ.

Руслан Захаров («Керамика»), Лариса Тавакалова («Туристическай сувенир»), Матрена Захарова («Сылгы сиэлинэн өрүү»), Мария Аманатова («Сахалыы иистэнии»), Мария Зырянова, Григорий Жирков («Туоһу таҥастааһын «) грамотанан бэлиэтэннилэр.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Бииргэ төрөөбүт эдьиийин аатыгар кирэдьиит оҥотторбута биллибит

Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэ үрдүүрүгэр көтүтүллүбүт индексациялары учуоттуохтара

Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар туһунан кэпсэтии буолуоҕа

СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин олохтооҕо ТНТ ханаал «Ярче звезд» биэриитигэр кытынна

Саха сирин олохтооҕо Денис Харисов ТНТ ханаал ыытар "Ярче звезд" биэриитигэр кытынна. Бу биэриигэ кыттааччылар…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка 1964 с.т. эр киһини өлөрдүлэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Сергеевич Николаев РФ Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиир

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…

2 часа ago