Намҥа 67 сибиинньэ уокка былдьанна
Бэҕэһээ, сэтинньи 8 күнүгэр, баһаарынай сулууспаҕа Нам Таастааҕыттан 4 км ыраах сытар сибиинньэ иитэр хотоҥҥо баһаар буолбутун туһунан иһитиннэрбиттэр.
Баһаарынайдар кэлиилэригэр сибиинньэлэри иитэр тутуу аһаҕас уотунан умайа тоһуйбут. Баһаар түмүгэр, 67 сибиинньэ өлбүт. 330 кв. м иэннээх тутуу барыта кэриэтэ уокка былдьаммыт.
Сибиинньэ иитэр бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Арыйаан Винокуров санаатын үллэһиннэ:
— Бэҕэһээ баһаар соһуччу өрө туран, 67 сибиинньэ уокка былдьанна. 22 сибиинньэни быһаатыбыт да, уона уокка сиэтиилэрэ улахана бэрт буолан, бэйэбит дьаһайарбыт буолуо. Уопсайа 129 сибиинньэни иитэр этибит. Баһаар уот ситимиттэн барда диэн сабаҕалыыбын. Баччаларга наар сииктээх баҕайы буолааччы. Билигин тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар мунньахха бардым.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: