Намҥа сүппүт эр киһи өлүгэ булулунна
02.01.2025, 14:12
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Чэппиэргэ, тохсунньу 2 күнүгэр, Нам оройуонун Түбэ сэлиэнньэтигэр ахсынньы 30 күнүгэр сураҕа суох сүппүт эр киһи өлүгэ булулунна. Бу туһунан Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
1949 с.т. эр киһи соҕотоҕун олорбут уонна деменциянан ыалдьар эбит. Кини дьиэтиттэн сарсыарда ахсынньы 30 күнүгэр сүппүт. Ыаллыы олорор эр киһи дьиэтигэр киирэн эр киһини дьиэтигэр булбатах. Кинини көрдөөһүҥҥэ Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспатын үс быыһааччыта, биэс олохтоох уонна полиция үлэһитэ кыттыбыттар. Тохсунньу 2 күнүгэр сарсыарда 11:36 чааска эр киһи өлүгэ дьиэтиттэн 1,5 км тэйиччи Өлүөнэ өрүс кытылыгар булуллубут.
+1
+1
+1
+1
+1
22
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: