Нам улууһугар байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар гуманитарнай көмөнү оҥоруу салҕанар.
— Балаҕан ыйын саҕаланыыта биир дойдулаахтарбыт, «БАРС-2» боотурдар этэрээттэригэр сылдьар буойуттарбыт, улуус баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцовка быһа сибээскэ тахсан көмө көрдөөбүттэрэ. Бу күннэргэ Павел Оконешников салайааччылаах “Буойун” түмсүү пуондатын үбүнэн гуманитарнай көмөтө буойуттарбытыгар тиийдэ.
Улуус баһылыга Юрий Слепцов күүс-көмө буолбут Павел Оконешниковка, солбуйааччытыгар Анатолий Павловка, улуус дьаһалтатын үлэһитигэр Петр Сергучевка махталын тиэрдэр.
Үлэ салгыы ыытыллар, көмө оҥоһуллар, — диэн “Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…