Наркология диспансера биир күннээх аахсыйаны биллэрэр

Share

Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансера алтынньы 19 эрэ күнүгэр биир күннээх аахсыйаны биллэрэр.

Ол эбэтэр арыгыттан, наркотиктан тутулуктанар дьон кэргэттэригэр уонна дьахтар аймахтарыгар психологтар уонна нарколог-быраастар сүбэ-ама биэриэхтэрэ.

Тэрийээччилэр иһитиннэрэллэринэн,  бу аахсыйа биир уратытынан үлэ күнүттэн атын күҥҥэ 16.00-19.00 чааска ыытыллара буолар (атын дьон биллибэтин курдук).

Аахсыйа кэлиэхтэрин сөп:

-Уйулҕаларыгар араас кыһалҕалары көрсөр (санаа тууйуллуута, ээл-дээл буолуу, фобия, дьиксинии, бэйэҕэ тиийинэргэ сананыылар уо.д.а.);

-Арыгыттан эбэтэр наркотиктан эмтэниэн баҕалаах дьахталлар;

-Арыгыттан уонна наркотиктан тутулуктанар дьон кэргэннэрэ, ийэлэрэ уонна аймахтара;

Автодорожнай уулусса 38 нүөмэригэр  ыытыллар аахсыйаҕа наркология диспансерын улахан үөрүйэхтээх психологтара уонна нарколог-быраастара үлэлиэхтэрэ. Ким кыттыан баҕалаах  8-968-150-1886 нүөмэргэ хайаан да эрдэттэн суруйтарар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

6 часов ago