Наталья Харлампьева ааҕааччыларын кытта көрүстэ

Share

Кулун тутар 19 күнүгэр «Далбар Хотун» сурунаал 30 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн, норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева ааҕааччыларын кытта айар көрсүһүүтэ буолла.

— Сурунаал 30 сыл тухары тахса турарыттан, билигин да норуокка күүтүүлээх буоларыттан астынабын. Тэрийсээччи, бастакы эрэдээктэр буолан, айымньылаахтык үлэлээбиппинэн киэн туттабын. Саха дьахтара бэйэтэ сурунааллаах буолбута, бу сыллар тухары саха дьахтарын бастыҥын, чулуутун суруйан, сырдатан кэллэҕэ, — диэн Наталья Ивановна сурунаал туһунан санаатын үллэһиннэ.

Кини билигин тугу үлэлии сылдьарын туһунан кэпсээтэ. «Сааһырдахха, хоһоон суруллубат буолар» диэччилэр. Сорох бэйиэттэр арамаан суруйуутугар көһөллөр. Оттон миэхэ хоһооннор билигин да сурулла тураллар, ол эрээри, документальнай прозаҕа үлэлэһэр эмиэ наада», — диэн кини этэр.

Хаартыска: А.Никифорова тиксэриитэ.

Ол курдук, бэйиэт хоһооннорун саҥа кинигэлэрин бэлэмнии сылдьар. Бу күннэргэ үөрүүлээх сурахтар кэллилэр. Сотору кэминэн Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрэ ыытыллыахтара. Бу күннэри көрсө Наталья Харлампьева «Саха оноҕоһо» кинигэтэ казах тылынан тылбаастанан тахсан эрэр. Ону тэҥэ, «Молодая гвардия» кыһаҕа «Биография продолжается» сиэрийэнэн Алексей Томтосов туһунан документальнай кинигэтэ тахсыахтаах. Бу үтүө сонуннары сааланы толору мустубут дьон ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

Наталья Харлампьева саха норуотун устуоруйатын, тыл, тылбаас, таптал, сааһырыы, киһи дьылҕатын, о.д.а. туһунан дириҥ ис хоһоонноох санааларын үллэһиннэ, манна сыһыаннаах хоһооннорун аахта.
Саха сирин Ытык Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Люлия Григорьева Наталья Харлампьеваны бэйэлэрин кэккэлэригэр ылалларын этэн туран,  «Ытык Сүбэ Бочуоттаах кырдьаҕаһа» диэн бэлиэни туттарда.

Судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай диэйэтэл Анастасия Божедонова сурунаал аан бастаан тахсыытын, тэриллиитин, Н.И. Харлампьеваны бастакы эрэдээктэринэн талыы туһунан кэпсээтэ.
Дьокуускай куорат 20 №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ кэлэн эҕэрдэлээтилэр. «Наталья Ивановна биһиги оскуолабытын бүтэрбитэ, онон биһиги кини айар үлэтин куруук кэтээн көрөбүт, үөрэтэбит» , — диэн оҕолор эттилэр. Кинилэр күргүөмүнэн кэлбиттэрэ тэрээһини сэргэхситтэ.
Салгыы норуодунай бэйиэт сүгүрүйээччилэрэ сылаас тылларын, истиҥ санааларын, махталларын эттилэр, сааскылыы сандаархай сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

10 часов ago