Наталья Луковцева: “Мээри куорат дьокутааттара куонкуруһунан талыылара аныгы кэмҥэ сөп түбэһэр”
Куорат дьокутааттарын бөлөҕө Дьокуускай куораттааҕы Дуума көрүүтүгэр куорат баһылыгын талыы бэрээдэгэр уларытыылары киллэрии туһунан сокуону таһаарыыга көҕүлүүр бырайыагы киллэрдэ.
— Тустаах сокуону көҕүлээһини биһиги, куорат Дууматын дьокутааттарын бөлөҕө таһаарбыппыт. Эрэгийиэннэр киин куораттарын дьаһалтатын баһылыктарын талыы ити курдук көрүҥэ Арассыыйа 80-тан тахса эрэгийиэнигэр туһаныллар. Мээри куорат дьокутааттара куонкуруһунан талыылара, биһиги билиҥҥи судургута суох кэммитигэр уонна куораты сайыннарыы маастар-былаанын олоххо киллэрии тэрээһинигэр куорат былаанын иннигэр турар далааһыннаах соругар сөп түһэр дии саныыбын, — диэн Дьокуускай куорат Дууматын Набережнай 8-с нүөмэрдээх биир мандааттаах быыбардыыр уокуругун дьокутаата Наталья Луковцева бэлиэтиир.
Сокуоҥҥа көҕүлээһиҥҥэ дьокутааттар этиилэрин куорат Дууматын чугастааҕы мунньахха – сэтинньи 27 күнүгэр ырытыахтара. Тустаах көҕүлээһини ылынар түгэннэригэр докумуону Ил Түмэн көрүүтүгэр ыытыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: