Салгыы
Наука дьоҕус академиятын чилиэннэригэр ый ахсын төлөнөр истипиэндьийэ олохтонно

Наука дьоҕус академиятын чилиэннэригэр ый ахсын төлөнөр истипиэндьийэ олохтонно

30.04.2023, 08:45
Бөлөххө киир:

Наука дьоҕус академиятын эдэр академиктара дьиҥнээх чилиэн-кэрэспэдьиэн дастабырыанньатын туттулар. Саха сирин 29 оройуонуттан 117 оскуолаттан барыта 200 үөрэнээччи үрдүк ааты ыллылар. Оҕолорго дастабырыанньалары туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ муус устар 28 күнүгэр «Кэскиллээх лидердэр» пуорумнарын чэрчитинэн буолбута.

Сириус диэн Үөрэтэр киин моделинэн Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн тэриллибит, өрөспүүбүлүкэ талааннаах оҕолорун өйүүр уонна таһаарар Эрэгийиэннээҕи киин баазатыгар саҥа ааттар билиннилэр. Кинилэр номнуо эрэгийиэн научнай сайдыытыгар бэйлэрин кылааттарын киллэрэ сылдьаллар.

«Хас сыл ахсын биһиги аһаҕас куонкурус түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 200 бастыҥ үөрэнээччини талабыт. 100 бастыҥ үөрэнээччи Наука дьоҕус академиятын чилиэннэрэ ааты сүгэллэр, өссө 100 үөрэнээччи – чилиэн-кэрэспэдьиэн дастабырыанньатын туталлар. Быйыл аһаҕас куонкуруска 490 сайаапка киирбитэ. Оҕолорго саастарынан хааччах диэн суох, онон сайаапканы 1-11 кылааска диэри үөрэнэр оҕо ыытар бырааптаах. Кинилэр бары эрэгийиэннээҕи, бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-чинчийэр куонкурустар, кэмпириэнсийэлэр, олимпиадалар кыайыылаахтарынан, призердарынан буолаллар. Бу куонкурус өрөспүүбүлүкэҕэ научнай-технологическай элиитэни тэрийэргэ улахан суолталаах», — диэн СӨ Наука дьоҕус академиятын ректора Василий Павлов бэлиэтээтэ.

Кыра саастарыттан научнай-чинчийэр үлэнэн үлүһүйэр талааннаах оҕолорго көмөлөһөр уонна кинилэри өйүүр хайаан да наада. Бу оҕолор инникитин олохторун науканан, аныгы технологиянан дьарыктаныыга аныахтарын сөп диэн итэҕэйэр СӨ Наука Академиятын вице-бэрэсидьиэнэ Сергей Попов:

«Бастатан туран, оҕолор Наука дьоҕус академиятын дьиҥнээх чилиэнэ буолар дастабырыанньаны тутуулара олус суолталаах, престижнэй, иккиһинэн маннык улахан ааты ылыы үөрэнээччигэ инники идэтин таларыгар, ону сэргэ саастыылаахтарыгар, бииргэ үөрэнэр оҕолоругар холобур буолар кыахтанар. Мин санаабар, төһө элбэх эдэр академиктар баалларынан оҕолор үөрэнэр оскуолаларын үөрэҕин уонна таһымын сыаналыахха сөп», — диэн санаатын үллэһиннэ кини.

Н.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия 11 кылааһын үөрэнээччитэ Николай Хомподоев бүгүн Наука дьоҕус академиятын чилиэнэ дастабырыанньаны тутта:

«Мин былырыын Наука дьоҕус академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэн дастабырыанньатын туппутум, оттон быйыл дьиҥнээх чилиэн дастабырыанньатын туттум. Мин «Меня оценят ХХШ веке» диэн бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-чинчийэр уонна айар үлэлэрдээх куонкуруска кыайыылааҕынан тахсыбытым. Гимназиябын бүтэрдэхпинэ ХИФУ мэдиссиинэ институтугар туттарсар уонна тиит мас структуратын үөрэтэр научнай үлэбин салгыыр санаалаахпын».

Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт 11 кылааһын үөрэнээччитэ Артем Овчинников астрономияҕа бүтүн Арассыыйатааҕы предметнэй олимпиада кыттыылааҕа, кини инники идэтин астрономия наукатын кытта ситимниир санаалаах:

“Быйыл мин математика, физика олимпиадаларыгар кытынным, ону сэргэ астрономияҕа Ломоносов турнирыгар эмиэ кытынным. «Кэскиллээх лидердэр» пуорумнарыгар кыттан олус сөбүлээтим. Манна күн ахсын олус интэриэһинэй тэрээһиннэр, трениннэр ыытыллаллар. Бэҕэһээ, холобур, сайдыы институтун салайааччыларын, миниистирдэри кытта 2030 сылга диэри Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан кэпсэппиппит. Мин үөрэххэ туттарсарбар хас даҕаны үрдүк үөрэх кыһатын талбытым, ол эрээри бастакы миэстэҕэ Москватааҕы судаарыстыбаннай университет астрономияҕа факультета турар, тоҕо диэтэххэ, астрономия науката миигин олус күүскэ угуйар”, — диэтэ.

Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үөрэнээччилэригэр, дьиҥнээх чилиэн үрдүк аатын сүкпүт оҕолорго ый ахсын үстүү тыһыынча солкуобай суумалаах истипиэндьийэ көрүллэр буолуоҕа. Бу истипиэндьийэ сыл устата төлөнүөҕэ. Оттон чилиэн-кэрэспэдьиэн аатын сүкпүт үөрэнээччилэргэ ый ахсын иккилии тыһыынча солкуобай көрүллүөҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: