Нэдиэлэтээҕи гороскоп
Хой
Эрдэ ситэрбэккэ сылдьыбыт дьыалаҕын ситэриэххин наада. Уһата-кэҥэтэ сылдьаргын бэйэҥ да сөбүлээбэккин, ол эрээри ардыгар санааҥ ыһыллан хаалар. Итинтэн босхолоно сатаа.
Оҕус
Саҥа дьыаланы саҕалыыртан туттун. Ол эрээри эрдэтээҥҥи саҕалаабыккын салгыыр туһаны аҕалыа. Ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп, барыта орун-оннугар табыллан иһиэҕэ.
Игирэлэр
Дьону кытта элбэхтик алтыһаҕын, ардыгар онтон сылайаҕын. Чуумпуга наадыйаҕын. Айылҕаҕа сылдьан сынньаныаххын, сэргэхсийиэххин сөп. Кыраны уустугурдубакка, инниҥ диэки баран ис.
Араак
Дьиэни-уоту хомунарга, сааһыланарга уолдьаспыт. Эниэргийэ биир сиргэ туран хаалбыт, онон саҥа уларытыылары өрөмүөн оҥорон, дьиэ-уот ыраастаан эрэ киллэрэр кыахтааххын.
Хахай
Өрөмүөн үлэтэ күүтэр. Бэйэҕэр олус элбэх эппиэтинэһи ылыммыккын. Чугас киһиҥ ардыгар өйдөөбөт, ирдиир эрэ курдук. Санааны аһаҕастык этэ үөрэн.
Кыыс
Тулалыыр дьоҥҥун кытта аһары аһаҕас буолума. Дьон тылыгар киирбэт гына сэмэйдик сырыт. Айылҕаҕа сылдьыы дууһаҕын уоскутуо.
Ыйааһын
Кыра аайы кыйаханаргын тохтот, барытын аһары хонтуруоллуур курдуккун. Чугас дьонуҥ онтон сылайаллар эбит. Ол кэриэтин улахан соруктары туруорунуоххун наада.
Скорпион
Бу күннэргэ хайаан да айылҕаҕа сылдьан ис туруккун сааһыланыаххын наада. Дьону кытта сыһыаннаһыыга сымнаҕас буол, барытын кэтэх өттүнэн санаама.
Охчут
Уустук кэм. Тус олоххор, иэйиигэр уонна үлэҕэр тугу эрэ талыаххын наада курдук буолуо. Ол эрээри итини эн кыайар кыахтааххын, аһары элбэҕи толкуйдаан уустугурдума.
Чубуку
Биир кэм олохтон ардыгар сылайаҕын. Барыаххын-кэлиэххин наада. Киэҥ сиргэ сылдьыы, саҥа дьоннуун алтыһыы санааҕын көтөҕүө. Олорон эрэ хаалымыаххын наада.
Күрүлгэн
Ырааҕы, буолуохтааҕы эрдэттэн былаанныыр туһалааҕын өйдүөҥ. Ол курдук кэлэр нэдиэлэни билиҥҥиттэн толкуйдаатаххына, барыта эриэ-дэхси буолуоҕа.
Балыктар
Саҥаны уустуктук ылынаҕын. Онон урукку тутуспут санааҕын илдьэ сылдьарыҥ ордук курдук. Чугас дьоҥҥун кытта алтыһан, санаа хоту сынньанан астыныаҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: