Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (Алтынньы 27 — сэтинньи 3 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (Алтынньы 27 — сэтинньи 3 күннэрэ)

Ааптар:
27.10.2022, 08:30
Бөлөххө киир:

Хой

Санаа түһүүлээх уустук нэдиэлэ үүммүт. Чугас дьонуҥ сүбэтин истибэккэ оҥорбут алҕаскыттан арыт кэмсинэр курдуккун. Ол эрээри бириэмэ барытын эмтиэҕэ. Бэйэни буруйданыыттан босхолон.

Оҕус

Кыраттан даҕаны кыынньар, кыыһырар буолбуккун. Бэйэ бодотун тардынан сырыт. Мунньуллубут үгүс үлэҕин сааһылаан, нэдиэлэ ортото арыый уоскуйа быһыытыйыаҥ.

Игирэлэр

Бу нэдиэлэ саҥа билсиһиини, айаны тосхойуо. Саҥа билсиһии күүстээх доҕордоһууга кубулу­йуон сөп. Ис санааҥ кистэлин искэр тут.

Араак

Дьиэ кэргэн кыһалҕата инники күөҥҥэ турбут. Оҕолор, аҕам саастаах аймахтар эн болҕомтоҕор наадыйаллар. Бириэмэҕин сөптөөхтүк аттардаххына, элбэҕи сити­һиэҥ.

Хахай

Бэртээхэй холку нэдиэлэ үүммүт. Сынньанарга тоҕоостоох кэми куоттарыма. Бултуу, айылҕаҕа тахсыы ситиһиилээх буолсу.

Кыыс

Айар үлэлээх кыыс бэлиэлээхтэргэ үтүө кэм. Саҥа толкуй ситиһиилээх буолсу. Нэдиэлэ бүтүүтэ сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан сынньана сатаа.

Ыйааһын

Бары өттүнэн табыгастаах нэдиэлэ үүммүт. Биисинэс өттүгэр хамсаммахтаан хааллаххына, элбэҕи барыһырыаххын сөп. Тапталга да табыллар кэм.

Скорпион

Успуорка ситиһии, табыллыы күүтэр. Ыраах айан саҥа доҕоттору бэлэхтиэҕэ. Кэргэннээх скорпионнар биисинэс эйгэтигэр табыллыаххыт.

Охчут

Доруобуйаҕын бөҕөргөтөргөр сөптөөх кэм. Успуордунан дьарык­танан санааҥ көтөҕүллүө.

Чубуку

Бириэмэҕин сөптөөхтүк аттарыннаххына, бу нэдиэлэ устата табыллыаҥ. Үп-харчы сөбүгэр баар. Улахан мал-сал атыылаһан санааҥ көтөҕүллүө.

Күрүлгэн

Эн холку, сымнаҕас майгыгын дьон үгүстүк туһанар эбит. Бэйэҥ майгыгын көрдөрөр, тус кыһалҕаҕын туруорсар кэмиҥ.

Балыктар

Дьону кытта аһары тапсаҕын. Дьон эйиэхэ итэҕэйэр, оннооҕор кистэлэҥин эрэнэр. Саҥа доҕордуу сыһыан үөскүөн сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: