Нэдиэлэтээҕи гороскоп (балаҕан ыйын 20-27 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (балаҕан ыйын 20-27 күннэрэ)

Ааптар:
20.09.2024, 07:30
Бөлөххө киир:

ХОЙ

Бу нэдиэлэҕэ эһигини саҥа саҕалааһыннар күүтэллэр, чуолаан үлэҕитигэр. Онуоха кыайаргытыгар-хоторгутугар сэниэлэниэххит, күүһүрүөххүт, чугас дьоҥҥут өйөбүлэ, сүбэтэ-амата баар буолуоҕа. Сыал туруорунан атыҥҥа аралдьыйбакка ылыстаххытына, барытын ситиһиэххит.

ОҔУС

Бэйэҕитин сайыннараргытыгар тоҕоостоох кэм кэлбит. Эбии үөрэххэ, куурустарга сырыттаххытына, хаалыа суоҕа. Инники олоххутугар суолталаах хамсааһыннары оҥоруоххут. Үп-харчы табыллан иһиэҕэ, дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэ тосхойуоҕа.

ИГИРЭЛЭР

Интэриэһинэй көрсүһүүлэр, саҥа билсиһиилэр күүтэллэр. Болҕомто киинигэр сылдьыаххыт, ону туһанан, хата, былааннаргытын олоххо киллэрэргэ дьулуһуҥ. Эбии дохуоттанар туһунан толкуйдааҥ, кэлбит харчыны мээнэ матайдаамаҥ диэн сулустар сүбэлииллэр.

АРААК

Араактары бу нэдиэлэҕэ нус-хас олох күүтэр. Олоххут бары эйгэтигэр болҕомтоҕутун уурарга кыһаллыҥ. Үлэҕитигэр биир сиргэ тэпсэҥнии сылдьар курдук санаа кэлиэҕэ, тулуйуҥ.
Соһуччу уларыйыылар буолуохтарын сөп. Сулумах араактар биир сиргэ бүгэн олорумаҥ, элбэх киһи сылдьар сиригэр талаһыҥ.

ХАХАЙ

Бу нэдиэлэ эһиэхэ олус көхтөөхтүк уонна ситиһиилээхтик ааһыаҕа. Уруккуттан иитиэхтии сылдьыбыт санааларгытын олоххо киллэриэххит. Толкуйдаабакка эрэ соһуччу ону-маны
атыылаһымаҥ. Айан-сырыы табыллыаҕа.

КЫЫС

Уруккуну-хойуккуну ырыҥалаан көрөргө тоҕоостоох кэм. Бу күннэргэ саҥа быһаарыныылары ылынаргытыгар сөптөөх толкуйдар өйгүтүгэр киириэхтэрэ. Айылҕаҕа, салгыҥҥа сылдьан сынньаныҥ, чугас дьоҥҥутун кытта истиҥник кэпсэтиҥ. Айар-тутар дьоҕургут сайдыаҕа.

ЫЙААҺЫН

Доруобуйаҕыт туругун көрүнүҥ. Идэҕитин сайыннарарга саҥа хардыылары оҥоруоххут. Үбү-харчыны үлүннэрэр саҥа бырайыактарга ылсыаххытын сөп. Кэллиэгэлэри кытта иирсээн
үөскүөн сөп, мээнэ тыллаһымаҥ, дьону кэнниттэн саҥарымаҥ. Чугас дьоҥҥут эһиги үтүө тылгытын, сүбэҕитин истиэхтэрин баҕараллар.

СКОРПИОН

Бу нэдиэлэҕэ бэйэҕитигэр эрэллээх, уларыйыыларга бэлэм буолуоххут. Онон умнууга хаалбыт былааннары олоххо киллэрэр, табыллыбатаҕы саҥаттаан боруобалаан көрөргө тоҕоостоох нэдиэлэ кэлбит диэн сулустар кэпсииллэр.

ОХЧУТ

Охчуттар олоххутугар уһун-киэҥ былааны толкуйдуур кэмҥит тирээн кэлбит. Дьиэни-уоту, үөрэҕи, үлэни, ол быыһыгар сынньалаҥы былааннааҥ, дьиэ кэргэҥҥитин кытта сүбэлэһиҥ. Санааҕыт туохха сытарын, бэйэҕит тугу сөбүлүүргүтүн инники күөҥҥэ тутуҥ. Бу — эһиги саамай сөптөөх быһаарыныыгытынан буолуоҕа.

ЧУБУКУ

Соҕотох чубукулар биир интэриэстээх киһигитин көрсүөххүтүн сөп. Уруккуттан баҕарбыт баҕа санааҕыт соһуччу олоххо киирэн, үөрүүгүт үксүөҕэ. Үөрэнэр, маастар-кылааска
сылдьар, бэйэҕэ саҥа дьоҕуру арынар туһунан санааҥ. Арыылааҕы-сыалааҕы аһаамаҥ, ис туруккутун кэтэнэ сылдьыҥ.

КҮРҮЛГЭН

Бу нэдиэлэҕэ сылайбыккытын өйдүөххүт. Үлэнэн эрэ олорор дьон тус олоххут туһунан эмиэ толкуйдааҥ. Дьиэҕитин өрөмүөннэннэххитинэ, саҥа миэбэли атыыластаххытына өр туруоҕа, хараххытын үөрдүөҕэ. Соһуччу көрсүһүүлэр күүтэллэр, бэлэх-туһах тутуоххутун сөп.

БАЛЫКТАР

Аймахтары кытта көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэргэ, уруккуну-хойуккуну санаһарга олус үчүгэй күннэр тирээн кэлбиттэр. Барарга-кэлэргэ олус сөптөөх нэдиэлэ үүммүт. Бу сылдьан
инники олоххутугар суолталаах дьону көрсүөххүт. Үтүө сонуннары истэн үөрүөххүт

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: