Хой
Санааҥ өрө көтөҕүллэр кэмэ. Кыраны да ситистэххинэ, онтон дьоллонор буолбуккун. Киһи санаа кулута дииллэрэ чахчытын итэҕэйиэҥ. Наар баттык оҥосто сылдьыбыт кыһалҕаҥ түспүт курдук буолуоҕа. Бэйэ санаатын уларыттахха, олоҕу ылыныы эмиэ уларыйар эбит.
Оҕус
Таһырдьа халлаан сылыйан салгыҥҥа талаһаҕын. Онуоха үлэҕэ үтүрүйтэрэн күнү-дьылы куоттарар курдук саныыгын, ыгыллаҕын. Көймөстүбүт санааҕын уҕарытан, сааһылаан чугас дьоҥҥун кытта айылҕаҕа сылдьыы элбэххэ кынаттыа.
Игирэлэр
Дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох буол, арыый бэйэни туттуна, көрүнэ соҕус сылдьар туһалаах буолуоҕа. Кыра иирсээнтэн улахан айдаан тахсыан сөп. Бу дьиэ кэргэҥҥэр, аймахтары кытта сыһыаҥҥа эмиэ оруоллаах.
Араак
Улахан тэрээһин эбэтэр бырааһынньык күүтэр. Дьоҥҥо аһаҕас, аламаҕай буолан хайҕалы, биһирэбили ылыаҥ. Оҕолоргун, аймахтаргын кытта сынньалаҥы тэрийэн, өрөбүллэргин ситиһиилээхтик атаарыаҥ.
Хахай
Кыра да кыһалҕаны уустугурдан, аһары уһуннук толкуйдуур буолбуккун. Дьон эйиэхэ эрэнэр, онон салайааччы хахайдар түргэн-тарҕан уонна быһаарыылаах буолаллара наада. Оттон кэрэ аҥаардар, быһаарыныы ылынаргытыгар тоҕоостоох кэм үүммүт.
Кыыс
Куһаҕана суох эрээри, сүпсүлгэннээх нэдиэлэ үүммүт. Чугас дьонуҥ кыһалҕаларыгар сүбэ-соргу буолуоҕуҥ. Дьиэ кэргэҥҥэр эриэ-дэхси. Үп-харчы кыһалҕатын этэҥҥэ быһаарар кыахтааххын.
Ыйааһын
Санааҕын үллэстэ үөрэн. Искэр тутан куутуйалыы сылдьыма. Урукку-хойукку доҕоттору көрсүөххүн сөп. Улахан дьоһуннаах быһаарыныы ылынан олоххун уларытыаххын сөп. Тапталга табыллар кэм.
Скорпион
Күүстээх санааҕын түһэрбэккэ, инники былааннаргын ситиһэргэ бэлэмҥин. Саҥа бырайыактары олоххо киллэрэн улахан үбү-харчыны хамсатыаххын сөп. Ити улахан дьыалаҕар чугас киһиҥ өйөбүл буолуоҕа.
Охчут
Олоххор уларытыылары киллэрэртэн куттаныма. Аһары олорон хаалбыккын. Туохтан эрэ куттанар курдуккун. Ити барыта бэйэҥ төбөҥ эрэ иһигэр баар кыһалҕа буоларын өйдөөтөххүнэ, олоҕу атыннык ылыныыһыккын. Тус олоххор “күөх уот” тыгыаҕа.
Чубуку
Ситиһиилээх нэдиэлэ. Дьону кытта уопсай тылы булуоҕуҥ. Аһары уустугурдубакка саҥа дьыалаҕа ылсан ис диэн сулустар сүбэлииллэр. Харчыгын харыстаан тутун, мээнэ ыһа-тоҕо сылдьыма.
Күрүлгэн
Доруобуйаҕар сэрэхтээх кэм. Халлаан аһары сылыйан дабылыанньаҥ хамсыан сөп. Онон күүстээх үлэттэн арыый туттунарыҥ ордук. Элбэх дьонноох сиргэ сылдьыбат буола сатаа.
Балыктар
Уустук нэдиэлэ саҕаламмыт. Кэлэктииби кытта уопсай тылы буларга кыһан. Нэдиэлэ бүтүүтэ үтүө дьону кытта алтыһыы санааҕын сэргэхситиэ. Үгүс үөрүүлээх түгэннэр үүнүөхтэрэ.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…