Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (тохсунньу 26 – олунньу 2 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (тохсунньу 26 – олунньу 2 күннэрэ)

Ааптар:
26.01.2024, 09:00
Бөлөххө киир:

Хой

Бу нэдиэлэҕэ уйулҕаны үөрэтиини сэргиэҕиҥ. Саҥа дьарык бары би­­риэмэҕин ылыаҕа, ол эрээри улахан дуоһуйууну аҕалыаҕа. Тус олоххор мантан ордук уларыйыы суох. Аҥаардас үлэҕинэн, дьиэҕинэн олоруу эйигин хаһан да үөрдүбэт этэ. Онон саҥа ылсыбыт дьыалаҥ аны дохуот киллэрэрин туһунан толкуйу тобулуоҥ.

Оҕус

Таптыыр киһиҥ эн оҥорон көрөрүҥ курдук буолбатаҕын бэлиэтиэҥ. Ол эрээри сыһыаны тосту уларытар туох да үчүгэйи аҕалыа суоҕа. Хас биирдии киһи туспа эйгэлээҕин, интэриэстээҕин өйдүөххүн уонна ылыныаххын наада.

Игирэлэр

Быһаарыныы ылыныаҥ иннинэ сэттэтэ кээмэйдээ диэн өс хоһоонун умнума. Чугас киһигин кытта киҥир-хаҥыр саҥарсыы, өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Манна бэйэни туттунар, саҥата суох хаалар сүүйүүлээҕин өйдүөҕүҥ.

Араак

Дьиэ кэргэҥҥэр уустук балаһыанньа үөскээбит. Уруккуттан аһаҕас кэпсэтиигэ таһаарбакка кистии сылдьыбыт кыһалҕаҥ иккистээн күөрэ­йииһик. Холкутук атах тэпсэн олорон кэпсэтэргэ уолдьаспыт.

Хахай

Доруобуйаҕар болҕомто уурууһуккун. Бэйэҕин харыстаммакка өрүү харчы эккирэтиһиитигэр сылдьар буолбуккун. Чугас дьонуҥ ардыгар өйдөөбөт курдуктар. Ыгыллар, муунтуйар санааҕын аһаҕастык кэпсэтэн таһаарыаххын наада.

Кыыс

Чугас киһиҥ үөйбэтэх өттүгүттэн санаатын этэн соһутуо. Кини эмиэ киһи, санаатын, ис туругун аһаҕас­тык кэпсээбэт буолла да онно наадыйбат диэн буолбатах.

Ыйааһын

Бэйэҕэр элбэх саҥаны арыйыаҥ. Урукку сыаннастар суолталара сүтүөн сөп. Күннээҕинэн, бүгүҥҥүнэн олоруоххун баҕарыаҥ. Сынньанарга, доҕоттору кытта көрсөргө сөп буолбут.

Скорпион

Туох даҕаны кыаллыбат курдук. Эйиэхэ сүбэ-ама буолар чугас киһиҥ суох курдук сананыаҥ. Оттон ис дьиҥэр, эн бэйэҥ барытын искэр тутаҕын. Санааҕын дьоҥҥо сатаан тиэрдибэккин.

Охчут

Дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох буол. Ардыгар дьон санаатын истибэккин. Бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутар, дьон санаатын аахсыбат буоллаххына, нэдиэлэ устата соҕотох чуҥкуйуоҥ.

Чубуку

Чугас киһигин кытта сыһыаннаһыыга сымнаҕас буол. Барытын хонтуруолга тутар сыһыаны тымнытыан сөп. Үлэҕэ-хамнаска аһары үлүһүйэн чугас дьоҥҥор болҕомтоҥ тиийбэт.

Күрүлгэн

Дьиэ кэргэҥҥэ эн өйөбүлгэр наады­йаллар. Аһары сылайар буолаҥҥын кимиэхэ да наадыйбат курдуккун. Нэдиэлэ ортото ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп. Таптыыр киһигэр кыра бэлэх, болҕомто ууран сыһыаны тупсарыаххын сөп.

Балыктар

Кыраны да уустугурдар, сүрэххэр аһары чугастык ылынар ураты айылгылааххын. Нэдиэлэ устата эппиэтинэстээх үлэ сүктэриллиэ. Бэйэ бодотун тардына сырыт. Хопко-сипкэ кыттыһыма.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: