Хой
Бэйэ сөбүлүүр дьарыгынан ылсан үлэлииһиккин, онтуҥ олус туһалаах үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Саҥаҕа, атыҥҥа үөрэнэртэн куттаныма, талааҥҥын арыйаргар сөптөөх кэм. Бэйэҕин саҥалыы арыйан олоҕуҥ күөстүү оргуйуо.
Оҕус
Ааспыт нэдиэлэ олус күүрээннээхтик ааспыт буоллаҕына, бу нэдиэлэ чуумпуну, уоскулаҥы бэлэхтиэ. Ол эрээри аһары холкутаан балаһыанньаны ыһыктан кэбиһэр табыллыбат. Дьиэ кэргэҥҥэр, оҕолоргор болҕомто уурарга уолдьаспыт.
Игирэлэр
Үгүс көрсүһүүлэрдээх, кэлиилээх-барыылаах нэдиэлэ саҕаламмыт. Нэдиэлэ ортотуттан барыта орун-оннугар түһүөҕэ. Сөбүлүү көрбүт эбэтэр уруккуттан ымсыырбыт малгын атыылаһан санааҥ көнньүөрүө, доҕотторгун, дьүөгэлэргин кытта ирэ-хоро сэлэһиэҥ.
Араак
Наһаа кыраттан кыйаханар, хомойор буолбуккун. Ис туруккун, санааҕын сааһыланан, бэйэ бодотун тардынар кэм. Улахан бырайыакка, саҥа былааҥҥа ылсарга ыксаама.
Хахай
Дьиэ кэргэн кыһалҕата инники күөҥҥэ турбут. Оҕолор бойкуоттуохтарын, сөпсөспөт майгыларын көрдөрүөхтэрин сөп. Наһаа барыларын хонтуруоллуур кытаанах майгыгын арыый уҕарытан, уопсай тылы буларга дьулус.
Кыыс
Саҥа соруктары туруоруммуккун. Дьон эн тускунан элбэҕи арааһы кэпсэтэр буолбут. Ол эрээри сыаллаах-соруктаах киһи быһыытынан, тыал хайа диэки үрэригэр кыһаммакка хардыылаан ис. Дьиэ кэргэҥҥэр барыта этэҥҥэ.
Ыйааһын
Бу нэдиэлэ олус ыксаллаахтык саҕаланыыһык. Былааннаргын барытын сааһыланан, бириэмэҕин сатаан аттарыннаххына, барыта сатаныыһык. Оҕолоргун кытта айылҕаҕа, салгыҥҥа сылдьан дуоһуйан, доҕоттору кытта көрсөн санаан көнүүһүк.
Скорпион
Ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп. Саҥа билсиһиилэр биисинэс эйгэтигэр сыстаргар, саҥа дьыалаҕа ылсаргар ситиһиини эрэ түстүүр. Ол эрээри элбэх харчыны иэс ылартан туттунарыҥ наада.
Охчут
Уустук кэмнэр бүрүүкээбиттэр. Үп-харчы кыһалҕата ыгыыһык. Аттыгар өйүүр дьон суоҕуттан санааҥ оонньуон сөп. Тоҕо эрэ эбии дохуот булунар талааҥҥын болҕомтоҕо ылбаккын. Чугас дьонуҥ сүбэтэ көмөлөһүө.
Чубуку
Ситиһиилээх нэдиэлэ саҕаламмыт. Дьыалабыай кэпсэтиилэр, барыы-кэлии ыпсан иһиэҕэ. Бириэмэҕин сатаан аттарыннаххына, үгүһү ситиһиэххин сөп.
Күрүлгэн
Чуумпу кэм. Үлэҕэр-хамнаскар барыта этэҥҥэ. Бу нэдиэлэ устата уу-нуурал холку эйгэттэн бэйэҥ да соһуйуоҥ. Ол эрээри нэдиэлэ бүтүүтэ соһуччу этиилэр киирэн хамсанарга күһэллиэҥ.
Балыктар
Былааннаабыт өрөмүөҥҥүн оҥостон, өр көрсүспэтэх доҕотторгун көрсөн астыныаҥ. Бириэмэни сатаан туһаннаххына, саҥа дьыалаҕа да ылсарга холонуоҥ. Ыраах айан ситиһиини түстүөҕэ.
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…