Нөөрүктээйигэ Василий Оконешниковка өйдөбүнньүк пааматынньык турда

Share

Саха АССР үтүөлээх учуутала, СӨ Учууталларын учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Нөөрүктээйи нэһилиэгин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Василий Оконешников сырдык аатын, үлэтин-хамнаһын, мөссүөнүн үйэтитэр пааматынньык арылынна.

Сытыы тыаллаах күнү аахсыбакка ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, Василий Николаевич үөрэнээччилэрэ, алтыспыт үөлээннээхтэрэ, Нөөрүктээйи олохтоохторо кэлэннэр кини аатын сүгэр оскуола тиэргэнигэр мустан пааматынньыгы үөрүүлээх быһыыга арыйдылар. Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.

Хаартыска: Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, Нөөрүктээйи баһылыга Николай Федоров, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Матвей Мучин, СӨ «Ытык сүбэтин» бэрэссэдээтэлэ Люлия Григорьева, улуустааҕы үөрэх салалтатын идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Скрябин, оскуола дириэктэрэ Валерий Петров тыл этэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр. Василий Николаевич олоҕун аргыһа Надежда Никитична, оҕолоро, сиэннэрэ бу сүдү пааматынньыгы оҥорууга үлэлэспит бар дьонноругар истиҥ махталларын тиэртилэр.

50 сыл педагогическай ыстаастаах, онтон 45 сылын Павловскай орто оскуолатыгар черчение учууталынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Василий Николаевич Оконешников өрөспүүбүлүкэҕэ, бүтүн Арассыыйаҕа биллэр чертежниктары,тутааччылары, архитектордары уһуйан таһаарбыта. Пааматынньык оскуола выпускниктарын көҕүлээһининэн, нэһилиэнньэ өйөбүлүнэн үп-харчы хомуллан уонна олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллан күн сирин көрдө. Бырайыак ааптардарынан архитектор, Арассыыйа архитектордарын сойууһун чилиэнэ, Василий Николаевич үөрэнээччитэ Сергей Лукин уонна биллэр скульптор, Арассыыйа худуоһунньуктарын чилиэнэ Павел Чямпин буолаллар.  Ытык киһибит сырдык мөссүөнэ оскуола иннигэр туран өссө да уһун сыллар тухары үгүс көлүөнэ ыччаты сырдыкка, үрдүккэ сирдии, кэрэҕэ угуйа турдун!
What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago