Нөөрүктээйигэ Василий Оконешниковка өйдөбүнньүк пааматынньык турда
Саха АССР үтүөлээх учуутала, СӨ Учууталларын учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Нөөрүктээйи нэһилиэгин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Василий Оконешников сырдык аатын, үлэтин-хамнаһын, мөссүөнүн үйэтитэр пааматынньык арылынна.
Сытыы тыаллаах күнү аахсыбакка ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, Василий Николаевич үөрэнээччилэрэ, алтыспыт үөлээннээхтэрэ, Нөөрүктээйи олохтоохторо кэлэннэр кини аатын сүгэр оскуола тиэргэнигэр мустан пааматынньыгы үөрүүлээх быһыыга арыйдылар. Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, Нөөрүктээйи баһылыга Николай Федоров, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Матвей Мучин, СӨ «Ытык сүбэтин» бэрэссэдээтэлэ Люлия Григорьева, улуустааҕы үөрэх салалтатын идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Скрябин, оскуола дириэктэрэ Валерий Петров тыл этэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр. Василий Николаевич олоҕун аргыһа Надежда Никитична, оҕолоро, сиэннэрэ бу сүдү пааматынньыгы оҥорууга үлэлэспит бар дьонноругар истиҥ махталларын тиэртилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: