Салгыы
Нерюнгрига поездка мобильнай төлөпүөн уонна бачыыҥка уорбуттар

Нерюнгрига поездка мобильнай төлөпүөн уонна бачыыҥка уорбуттар

Ааптар:
16.12.2024, 14:15
Хаартыска: ИДьМ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Нерюнгритааҕы полиция дьуһуурунай чааһыгар сокуоннай сааһын ситэ илик уолуттан поездка мобильнай төлөпүөн уонна бачыыҥка уорбуттарын туһунан Нерюнгри олохтооҕо сайабылыанньа суруйбут.

Бу туһунан ИДьМ Хотугулуу-Илиҥҥи тырааныспарга сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Суһал-ирдиир тэрээһиннэр түмүгэр полиция үлэһиттэрэ Хабаровскайга урут сууттана сылдьыбыт 52 саастаах эр киһини туппуттар. Силиэстийэ быһаарбытынан, Хабаровскай- Нерюнгри ыстаансыйатыгар поезд тохтуон иннинэ уорбаланааччы атын киһи мобильнай төлөпүөнэ остуолга сытарын көрбүт уонна арааран баран сиэбигэр уктубут. Ону кытта тахсаары туран кыһыҥҥы бачыыҥка сытарын  бэлиэтии көрөн уорарга санаммыт. Атын киһи атах таҥаһын кэппит, бэйэтин эргэ бачыыҥкатын вагоҥҥа хаалларбыт.

Холуобунай дьыала тэрилиннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: