Бэҕэһээ «Өлүөнэ» федеральнай суолга «Higer» оптуобус иннигэр баран иһэр «Shacman» диэн улахан массыынаҕа кэтиллибит. Быһа барыллаан быһаарыынан, оптуобус суоппара куттала суох арыты (дистанцияны) тутуспатах.
Оптуобус иһигэр 50-тан тахса киһи олорсон испит. Саахалтан 12 киһи эт-хаан араас эчэйииитин ылбыт. Эчэйбит пассажирдары уонна суоппары тута балыыһаҕа илдьибиттэр. 30 сыл ыстаастаах суоппар ылбыт эчэйиилэриттэн реанимацияҕа быстыбыт. Инники испит улахан массыына суоппара эчэйиини ылбатах. Суол быһылаанын силиэстийэлиир кэмитиэт бэрэбиэркэлиир.
ГАИ үлэһиттэрэ кыһын хойуу туманнааҕынан сибээстээн, тимир көлөлөр арыттарын (дистанция) болҕомтоҕо ылан сэрэхтээхтик айанныыры модьуйаллар.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…