Нерюнгрига «SHACMAN» массыына тохтоон турар массыынаҕа тиийэн түспүт
03.03.2024, 10:02
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сууккаҕа 5 буруйу оҥоруу бэлиэтэммитин туһунан СӨ Дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр.
Бэрдьигэстээххэ 1978 с.т. уонна 1991 с.т. эр дьон доруобуйаларын эчэттилэр, маныаха уорбаланааччылары туттулар. Дьокуускайга уоруу, Уус-Ньараҕа 1 мөлүйүөн солкобайы уоруу бэлиэтэннэ.
Аҕыс техногеннай баһаар бэлиэтэннэ, өлбүттэр, эчэйбиттэр суохтар.
Киһи өлүүлээх суол быһылаана бэлиэтэммэтэ.
Айхал бөһүөлэгэр «Тойота Чайзер» массыына суоппара сатаан салайбакка түҥнэһиннэ. Ол түмүгэр 1992 с.т. пассажир балыыһаҕа киирдэ.
Нерюнгрига «SHACMAN» массыына суоппара утары айанныыр балаһаҕа тахсан, «FAW» диэн тохтоон турар массыынаҕа кэлэн түстэ. «SHACMAN» суоппарын балыыһаҕа киллэрдилэр.
Суукка иһигэр үс итирик туруктаах суоппары туттулар.
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: