Нерюнгрига тэрилтэттэн хас да төгүл халаабыт эр киһи тутулунна

Share

Нерюнгри оройуонун ИДьМ сулууспатын отделыгар суотабай төлөпүөн уонна наушник уорбуттарын туһунан иһитиннэрии киирдэ. Хоромньу уопсай суумата  51 000 солк.

Суһал көрдүүр дьаһалларынан бурууйданааччы ким буолара быһаарылынна. Ол курдук, бу тэрилтэҕэ  урут үлэлии сылдьыбыт 37 саастаах олохтоох эр киһи буолара билиннэ диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Силиэстийэ кэмигэр бу уоруу соҕотох эрэ буолбатаҕа дакаастанна. Ити курдук, уорбаланааччы уһун кэм устата тэрилтэттэн  суотабай төлөпүөннэри, чаһылары уонна наушниктары уорбутун быһаардылар. Маны таһынан полиция үлэһиттэрэ бу киһи олорор дьиэтигэр тиийэн, 12 төлөпүөнү, биир чаһыны уонна 2 наушнигы буллулар.

Нерюнгритааҕы ИДьМ силиэстийэлиир отдела буруй бэлиэлэринэн Российскай Федерация Холуобунай Кодексатын «Уоруу» 2 ч. 158 ыст. көрүллэр холуобунай дьыала тэрийдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

31 секунда ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

30 минут ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

59 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

4 часа ago