Нерюнгри оройуонун бэтэринээринэй управлениетыгар Арассыыйа араас куораттарын устудьуоннара быраактыкалана сылдьаллар.
Ол курдук, Троицкай уонна Благовещенскай куорат техникумун уонна университетын устудьуоннара бэтэринээрдэри кытта тэҥҥэ килииникэҕэ үлэлииллэр. Кинилэр кыылы көрүү-истии, килииникэ иһин дезинфекциялааһын, эпэрээссийэ оҥорорго бэлэмнэнии курдук уустук үлэлэргэ олохтоох управление үлэһиттэриттэн үөрэнэллэр. Маны сэргэ устудьуоннар номнуо пиелит, отит, миозит, цистит, энтерит о.д.а ыарыылары эмтииргэ көмөлөстүлэр. Устудьуоннар Нерюнгритааҕы кыылы быстах кэми тутар пууҥҥа, хаһаайыстыбаларга сылдьан кыылларга быһыы туруордулар, бииркэлээтилэр.
Соҕуруу-Ураллааҕы судаарыстыбаннай аграрнай университет устудьуона Полина Савченко санаатын үллэстэр:
— Нерюнгри куорат бэтэринээринэй управлениетын кэллэктиибитигэр биһигини олус иһирэхтик көрсүбүттэригэр махтанабын. Быраактыкам кэмигэр элбэххэ үөрэнним. Дьиҥ идэлэригэр бэриниилээх үлэһиттэр уопуттарын үллэстэн, барыга-бары үөрэтэн олус элбэҕи эбинним. Нерюнгри олохтоохторо наһаа үчүгэйдик көрсөн, этэҥҥэ быраактыкабын манна ааспыппын хаһан даҕаны умнуом суоҕа.
ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…
Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…
Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…
"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…
Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…
Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…