Салгыы
Никита Андреев: «Тыа хаһаайыстыбатыгар гигантоманиянан үлүһүйүмүөххэ наада»

Никита Андреев: «Тыа хаһаайыстыбатыгар гигантоманиянан үлүһүйүмүөххэ наада»

Ааптар:
24.08.2024, 20:15
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн
Бөлөххө киир:

Горнай улууһун Маҥарас сэлиэнньэтигэр буолбут «Одун фест» бэстибээлгэ тыа сиригэр дьоҕус биисинэһи сайыннарыы туһунан элбэхтэ кэпсээтилэр. Чуолаан, туризм эйгэтигэр.  Бу саҥа хайысха олохтоох дьаһалталар уонна нэһилиэнньэ өттүттэн улахан интэриэһи үөскэтэр. Маны сэргэ  тыа хаһаайыстыбата.

Ол курдук, кэнники кэмҥэ Саха сирин тыа хаһаайыстыбатыгар үгүс кыһалҕалар, итэҕэстэр балларын тустарынан элбэхтэ этиллэр. «Бу сыһыаны уларытыахха, үлэни саҕалыахха, ураты быһаарыылары көрдүөххэ»,  — диир Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев. «Биһиги бэйэбит бырайыактарбытын олоххо киллэрэн, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр “гигантоманиянан дьарыктанымыахха” диэн көр­дөрүөхтээхпит. Сүүһүнэн сүөһүнү иитэн, дьону тута сатаамыахха. Биир киһи санаата, күүһэ кыайарын көрдөрө, ону олоххо киллэрэ сатыахха. Атыттар “кини кыайарын мин эмиэ кыайыам” диэн үтүктэллэрин курдук. Саха дьоно “дьон тэҥэ сылдьыахха” диир үгэстээх. Биллэ-көстө, улаханы ситиһэ сатаабат. Биһиги маннык түмсүүлэри тэрийэн, “дьон тэҥэ” диир “планкабытын” үрдэтиэхтээхпит. Бородууксуйаны тупсаран, оборуот үрдүүрүн ситиһэн, хас киһини үлэлэтэри кэпсэтэн. “Дьон тэҥэ” диир “планкабыт” үрдээтэҕинэ, элбэх оборуоттаах, үптээх дьон тахсыа. Оннук үлэлиир дьон баар, ол аата, кыах даҕаны баар»,  — диэн эбэн эттэ Горнай улууһун баһылыга.

+1
6
+1
6
+1
1
+1
1
+1
2
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: