Хаартыска: социальнай ситимнэртэн
Горнай улууһун Маҥарас сэлиэнньэтигэр буолбут «Одун фест» бэстибээлгэ тыа сиригэр дьоҕус биисинэһи сайыннарыы туһунан элбэхтэ кэпсээтилэр. Чуолаан, туризм эйгэтигэр. Бу саҥа хайысха олохтоох дьаһалталар уонна нэһилиэнньэ өттүттэн улахан интэриэһи үөскэтэр. Маны сэргэ тыа хаһаайыстыбата.
Ол курдук, кэнники кэмҥэ Саха сирин тыа хаһаайыстыбатыгар үгүс кыһалҕалар, итэҕэстэр балларын тустарынан элбэхтэ этиллэр. «Бу сыһыаны уларытыахха, үлэни саҕалыахха, ураты быһаарыылары көрдүөххэ», — диир Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев. «Биһиги бэйэбит бырайыактарбытын олоххо киллэрэн, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр “гигантоманиянан дьарыктанымыахха” диэн көрдөрүөхтээхпит. Сүүһүнэн сүөһүнү иитэн, дьону тута сатаамыахха. Биир киһи санаата, күүһэ кыайарын көрдөрө, ону олоххо киллэрэ сатыахха. Атыттар “кини кыайарын мин эмиэ кыайыам” диэн үтүктэллэрин курдук. Саха дьоно “дьон тэҥэ сылдьыахха” диир үгэстээх. Биллэ-көстө, улаханы ситиһэ сатаабат. Биһиги маннык түмсүүлэри тэрийэн, “дьон тэҥэ” диир “планкабытын” үрдэтиэхтээхпит. Бородууксуйаны тупсаран, оборуот үрдүүрүн ситиһэн, хас киһини үлэлэтэри кэпсэтэн. “Дьон тэҥэ” диир “планкабыт” үрдээтэҕинэ, элбэх оборуоттаах, үптээх дьон тахсыа. Оннук үлэлиир дьон баар, ол аата, кыах даҕаны баар», — диэн эбэн эттэ Горнай улууһун баһылыга.
Айсен Николаев ахсынньыга Туһаайан этиитигэр ааспыт сыл ситиһиитин кэпсээтэ, кэлэр сылларга сайдыы тосхолун торумнаата, парламент,…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Саха сирин арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа ,…
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…