Ахсынньы 1 күнүгэр бас билэр баай-дуол нолуогун (имущественный налог) төлөнөр болдьоҕо бүтэр.
Дьиэни-уоту, сир учаастагын, тырааныспары бас билэр дьоҥҥо нолуок туһунан иһитиннэриилэри буостанан номнуо ыыппыттара. Ону тэҥэ, www.nalog.gov.ru саайтка Тус кэбиниэттэригэр уонна «Налоги ФЛ» мобильнай сыһыарыыга иһитиннэрии тиийбит буолуохтаах.
Бу нолуок сулууспатын саайтыгар Тус кэбиниэккэ “Госуслуги” порталга учуот суругунан, эбэтэр, нолуок уорганыгар баран, пароль ылбыт буоллаххына, киирэр кыахтааххын.
Оттон “Госуслуги” порталга нолуок иһитиннэриитэ билиҥҥитэ тиийбэт. Ахсынньы 1 күнүн кэнниттэн, төлөммөтөх буоллаҕына, иэс үөскээтэҕинэ, суумата көстөр буолар.
Нолуогу хайдах табыгастааҕынан: бааннар, терминаллар нөҥүө төлүөххэ сөп. Ону тэҥэ, ФНС саайтыгар «Уплата налогов и пошлин», эбэтэр, «Личный кабинет налогоплательщика физических лиц» диэни баттаан, быһаччы онно төлүөххэ сөп. «Налоги ФЛ» мобильнай сыһыарыыны ФНС саайтыттан www.nalog.gov.ru хачайдаан ыллахха, Тус кэбиниэт онно баар буолар, төлүүргэ судургутуйар.
Оттон төлөөбөтөх дьоҥҥо ахсынньы 2 күнүттэн пени ааҕыллан барар. Пени кээмэйэ – күн аайы Киин баан 1/300 ыстаапкатын кээмэйин саҕа ааҕылла турар. Улахан иэстээх дьоҥҥо бу бас билэр баайдарын туһанар бырааптарын хааччахтааһын, кыраныысса таһыгар тахсалларын хааччахтааһын уонна суут нөҥүө ирдээһин буолар. Онон иэһи мунньубат, кэмигэр төлүүр ордук.
Арассыыйаҕа аҕам саастаахтарга биэнсийэ коэффициеныттан уонна страховой ыстааһыттан көрөн биэнсиэйэ төлөбүрүн аҕам саастарын туолбуттарга аныыллар.…
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…
Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаата инбэлииттэргэ ОСАГО 50%- нын толуйар. Төлөбүр сыл устата биир…
Ахсынньы 12 күнүгэр эбиэттэн киэһэ 16 чаас саҕана 378-Нерюнгри айан суолугар суол быһылаана таҕыста. Бу…
Сарсын, ахсынньы 14 күнүгэр, киэһэ 17.00 чаастан «Триумф» успуорт уораҕайыгар «Хотугу сир ыҥырыыта»/«Вызов Севера» профессиональнай…
Саха сиригэр чоҕу хостуур шахтатыгар хайа маассата суулунна. Ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбытын туһунан Cаха сиринээҕи ЫБММ…