Хаартысканы Альбина Тарабукина тиксэрдэ.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитин тула норуот дьокутааттара Юрий Николаев уонна Александр Атласов «Тэтим.Саха араадьыйатыгар» уонна «Саха» НКИХ ханаалыгар биир чаастаах быһа эпиирдэрэ буолла.
Норуот дьокутааттара бу Анал этии сайдыыга тирэх уурар күүһүн, итиэннэ Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун уйгутун тупсарыыга дьоһун суолтатын бэлиэтээтилэр.
Анал этии сүрүн тосхоллорун ырытыыга устуудьуйа ыалдьыттара өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар үлэ социальнай мөссүөннээҕин, инники күөҥҥэ олох хаачыстыбатын үрдэтии буоларын ыйдылар. Саха сирэ сайдыыга балысхан хардыытыгар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна киин былаас өйөбүлэ тирэх буоларын ыйдылар. Национальнай бырайыактартан саҕалаан инвестицияҕа тиийэ сүрүн бырайыактар өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕун туһатыгар ыытылларын бэлиэтээтилэр.
Бу нэдиэлэҕэ эргэ сыл түмүктэнэр, саҥа сыл саҕаланар. Сулустар Чубуку бэлиэтигэр күүскэ дьайаллар, онон бу…
Ахсынньы 28 күнүгэр өрөбүллээҕи Оһуокайбыт буолла.Быйыл иккис сылын Чысхаан кэлэн алгыстаах оһуокайы таһаарда. Чысхаан оруолун…
Биэс сыллаах тохтобул кэнниттэн Москваҕа тыһыынчанан оҕолорго анаан Кириэмил харыйатын тэрээһинэ ыытылынна. Кинилэр истэригэр Саха…
Бу күннэргэ Горнай улууһун Землячествота саҥалыы тыыннаах тэриллибитэ 10-с үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиир. Уопсастыбаннай тэрилтэ үлэтин…
Ахсынньы 26 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы “Полиция Тымныы Моруос Оҕонньоро” аахсыйа саҕаламмыта. Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттан,…
Бу күннэргэ Саха сирин талааннаах дьоно хаартан-муустан кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылы көрсө араас оҥоһуктары…